Тэрилтэлэрэ “Соҕурууҥҥу Саха сирэ” ТОР резиденнэринэн буолар “Колмар” салайар хампаанньа сылга 22 мөл тонна таас чоҕу хостуоҕа.
“Биһиэхэ 18 мөл тонна шахталарга хостонуоҕа. Ол курдук, “Инаглинскай-2” шахтатыгар 12 мөл тоннаны, “Денисовскай” ГОК шахтатыгар 6 мөл тоннаны. Бу сир аннынааҕы ньыманан. Өссө 4 мөл тоннаны аһаҕас ньыманан хостуохпут. Онон уопсайа 22 мөл тоннаны хостуохпут”, — диэн кэпсээтэ “Колмар” генеральнай дириэктэрэ Артем Левин.
2018 сыл муус устар 26 күнүгэр “Колмар” алта мөлүйүөннээх “Денисовскай” хайа байытар фабрикатын үлэҕэ киллэрбитэ.
СИА.