27 Муус устар 27.04
  • -9°
  • $ 92,01
  • 98,72

Саха сиригэр сааскы халаантан 11 оройуон эмсэҕэлээтэ

16:37, 21 мая 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 21 күнүнээҕи сарсыарда туругунан Саха сирин 11 оройуонугар халаан балаһыанньата уустук.


Кэбээйи оройуонугар быстах пууҥҥа 99 киһини көһөрдүлэр. Кальвицаҕа 67 тиэргэн ууга барда.

Ууттан маннык нэһилиэнньэлээх пууннар босхолоннулар: Амма, Чапчылҕан, Абаҕа, Мээндиги, Өнньүөс, Сатаҕай, Алтан. Ону тэҥэ Уус Маайаҕа Эдьээн, Элдьикээн уонна Күп.

Таатта оройуонугар уу Даайа Амматыттан, Харбалаахтан, Чымнаайыттан, Хара Алдантан барда. Чурапчы оройуонугар – Мырылаттан уонна Маралайтан. Хаҥаласка ууттан Хоточчу уонна Чкалов босхолоннулар.

Томпо, Уус Алдан уонна Нам оройуоннарын кэккэ сэлиэнньэлэригэр уу түһэн эрэрэ бэлиэтэнэр.

Артемий Грошев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА