27 Муус устар 27.04
  • -9°
  • $ 92,01
  • 98,72

Понтуон-муосталар бэс ыйын саҥата тэлгэтиллиэхтэрэ

13:29, 26 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 10 күнүгэр диэри Түүкээҥҥэ уонна Оччугуй Ботуобуйаҕа понтуон-муосталары тэлгэтиэхтээхтэр.


Сөмөлүөт билиэтин сыаната хас да бүк улахан буолан, үгүс дьон Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа диэри массыынанан айанныыллар.

Бу күннэргэ Мииринэйгэ диэри айан-сырыы тохтоон, пассажирдар Түүкээн, Оччугуй Ботуобуйа үрэхтэри мотуордаах оҥочолорунан туорууллар. Онон сыана үрдээн, билигин 5500 солкуобайдаах эрэ киһи Сунтаары булар кыахтаах. Өссө маны таһынан Түүкээни оҥочонон туоруулларыгар 500 солк. төлүүллэр.

Дьон кыһалҕатын учуоттаан, уу таһыма кыратык түстэ даҕаны, төһө кыалларынан эрдэ уура сатыахпыт диэн управление үлэһиттэрэ эттилэр.

Аҕыйах сыллааҕыта диэри понтон-муосталар тустарынан билбэт да этибит. Үрэхтэри оҥочонон туоруурбут. Сунтаарга, Мирнэйгэ массыынанан айаннааччылар үгүс эрэйи көрсөллөрө. Хас да хонук айаннаан дойдуларын булаллара. Танара, Чыбыыда, Ботомоойу, Бүлүүчээн муосталара тутуллан, понтон икки эрэ сиргэ тэлгэнэр буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА