26 Муус устар 26.04
  • -2°
  • $ 92,13
  • 98,71

Кырыкыйдар сааскы-сайыҥҥы үлэҕэ туттар техникаларын уматыгын туттулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кырыкыйга бензин, сэлээркэ тиэллэн кэллэ. «Суол хаалыытын баттаһа кэлбититтэн олуһун үөрэн олоробут», — дииллэр олохтоохтор.


Үөһээ Бүлүү улууһун кытыы сытар нэһилиэгэр техника уматыгын тириэрдии тыын суолталаах боппуроуһунан буолар. Онон бензин, сэлээркэ тиэллэн кэлээтин кытта, нэһилиэк эр дьоно түмсэ охсон, дьаһайан-дьүһэйэн кэбистилэр. Кэлбити барытын хараллар миэстэтигэр буллардылар, кураанах тааралары төттөрү тиэйэн ыыттылар.

«Хаайтарыы кэмигэр суола-ииһэ суох, ыраах сиргэ олорон, сүөһү-сылгы ииттэрбитигэр, маспытын-оппутун дьаһанарбытыгар, тиэйэрбитигэр саамай наадалаах ирдэбилбитин нэһилиэкпит баһылыга Сергей Яковлевич Сергеев туруорсан, үһүс сылын эрдэттэн хааччыйан, кыһалҕа диэни билбэккэ олорорбутугар улахан махталбытын тиэрдэбит«, — диэтилэр кырыкыйдар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА