27 Муус устар 27.04
  • -8°
  • $ 92,01
  • 98,72

Өймөкөөн Сордоҥнооҕор ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэрилиннэ

16:50, 01 августа 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ күн аайы ардыы турар буолан, Өймөкөөн улууһун бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар халаанныыр куттал суоһаата.


Муниципалитет баһылыга Михаил Захаров, тыа сирин олохтоохторо,  атырдьах ыйын саҥатыгар өрүү ардыыр буолан,  сыл аайы халааҥҥа ылларар кутталга олороллорун бэлиэтиир.

— Ол да иһин буолуо, олохтоох баһылыктар бу кэмҥэ ханна да барбакка, ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар ыытыллар үлэни толорорго үөрүйэхтэр. Бу күннэргэ ордук Сордоҥноох нэһилиэгэ уу тахсар кутталыгар киирдэ.

Манна 356 киһи олорор86 — олорор дьиэ, социальнай эбийиэк баар. Бу күннэргэ тохтообокко түһэр ардахтан биир 4 кыбартыыралаах дьиэ ууга барда.

Оскуола, култуурунай-административнай киин,  26 олорор дьиэ, 10 хотон тиэргэнин уу ылла. Нэһилиэк оттуур ходуһата барыта ууга турар.   Сыл аайы эрэйдиир Куйдуһун муостатынан айан-сырыы эмиэ тохтоото.

Бу этиллибиккэ олоҕуран, бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, Сордоҥноох нэһилиэгэр ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэрилиннэ. 

Индигир өрүс биэрэгэр турар Өймөкөөн, Төрүт нэһилиэктэригэр уонна Уус Ньара бөһүөлэгэр эмиэ ыксаллаах балаһыанньаҕа бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Уус Ньараҕа иһэр уу киртийбитинэн сибээстээн, нэһилиэнньэҕэ уонна социальнай эбийиэктэргэ уу баһар массыыналар ыраас ууну таһыахтара.

Улуус нэһилиэктэрин баһылыктара балаһыанньаны миэхэ билиһиннэрэ олороллор. Онон бүгүҥҥү күннээх сытыы боппуруос кытаанах хонтуруолга турар. 

Өймөкөөн улууһугар халаан уута тахсыбатын туһугар ыытыллар үлэни быстах кэмҥэ Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бэйэтин хонтуруолугар ылла, — диэн иһитиннэрдэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА