27 Муус устар 27.04
  • -7°
  • $ 92,01
  • 98,72

ДьТХА уонна ХИФУ дистанционнай үөрэххэ көһөрүллэллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ХИФУ дистанционнай үөрэххэ сарсыҥҥыттан көһөр, ДьТХА быһаарыыны Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһиннэрэр, СИА иһитиннэрэр. 


ХИФУ пресс-сулууспатыгар бигэргэппиттэринэн, үрдүк үөрэх кыһата сарсыҥҥыттан дистанционнай үөрэххэ көһөр. Бирикээс бэлэмнэнэр.

ДьТХА Иван Слепцов иһитиннэрбитинэн, академияҕа быһаарыы Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһиннэриини ааһар. «Биһиги бу күннэргэ дистанционнай үөрэххэ көһүөхпүт, бэлэмнэнии саҕаланна. Коронавируһу утары эрдэттэн сэрэтэр үлэ ыытыллар«, — диэтэ кини.

ХИФУ-га 17 тыһ. , ДьТХА — 4000-тан тахса устудьуон үөрэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА