26 Муус устар 26.04
  • -5°
  • $ 92,13
  • 98,71

Дьааҥы суолугар алдьаммыт сири эргийэ барар өттүн нэдиэлэ бүтүөр диэри өрөмүөннүөхтэрэ

10:14, 02 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Дьааҥы» суолга алдьаммыт сири эргийэ барар быстах кэмнээх суоллары күүстээх ардахтар суурайдылар. Суол үлэһиттэрэ нэдиэлэ бүтүөр диэри маны чөлүгэр түһэрэр туһунан этэллэр.


«Билигин суолунун чэпчэки массыынанан мэһэйдээх да буоллар, айанныахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, ууну ыытар турбалар сыталлар», — диэн СИа-ҕа тырааныспар министиэристибэтиттэн эттилэр.

«Дортранс» тэрилтэ иһитиннэрэринэн, «84 км», «87 км» уонна «125 км» учаастактары оҥорор сатаабыттар, ол эрээри олохтоох өрүстэр туоланнар суолу алдьаппыттар.

Суол биригээдэтэ «44 км» уонна «54 км» суол болотунатын өрөмүөннүүр. Итинэн сүрүн үлэни оҥорор ыарахан тиэхиньикэ ааһыахтаах. Нэдиэлэ бүтүөр диэри баҕар чөлүгэр түһэриллиэҕэ, үлэ өрүстэргэ уу таһыма төһө түргэнник намтыырыттан тутулуктанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар