26 Муус устар 26.04
  • -6°
  • $ 92,13
  • 98,71

Бүлүүчээҥҥэ алмаас саппааһын көрдүүргэ уопсастыбаннай истии оҥордулар

09:54, 04 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүүчээн нэһилиэгэр «АЛРОСА» ААК иһигэр киирэр Ботуобуйатааҕы геолого-разведочнай экспедиция бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, нэһилиэк территориятыгар баар учаастакка алмаас саппааһын көрдүүргэ үлэни ыытыахтарын туһунан боппуруоска уопсастыбаннай истиини оҥордулар. Истиигэ барыта 100-чэ олохтоох кыттыыны ылла.


Экспедиция ыытыахтаах үлэтин хонтуруолга тутарга улуустааҕы анал хамыыһыйа тэриллибит. Бэрэссэдээтэлинэн улууспут баһылыга Анатолий Григорьев бэйэтинэн буолбут. «Үлэни ыытыахтаах учаастактара Бүлүүчээнтэн 15 көстөөх сиргэ сытар. Учаастак аата «Хампинскай-2» диэн. Геологтар тустаах учаастакка алмаас баар буолуон сөптөөҕүн эттилэр. Хампаанньа билигин тулалыыр эйгэҕэ буортуну оҥорбот курдук үлэни ыытарын биһиги  туруорсуохтаахпыт, быһаарсыахтаахпыт», — диэтэ баһылык.

Бэрэстэбиитэллэр кэпсээбиттэринэн, бастаан алмаас көстүөн сөп диэбит сирдэрин 100 миэтэрэҕэ диэри үүттүүллэр. Ол кэннэ 5-20 миэтэрэ дириҥнээх шурпалары хаһан, буорун Мирнэйгэ баар лабораторияларыгар чинчийэллэр. Маны таһынан ол эргин баар үрэхтэр ууларын эмиэ ылан үөрэтэллэр. Геофизическэй үлэ эмиэ ыытыахтара. Сир магнитнай хонуутун кэмнииллэр. Ол эрэн айылҕаҕа охсуулаах биир түгэн баар. Ол үлэлиир сирдэригэр техника сылдьарыгар анаан боруопулу күртэрии буолар эбит. Онно төһөлөөх мас урусхалланыа буолла?! Бу маны олохтоохтор сөбүлээбэттэрин биллэрдилэр. Туттуллубут матырыйаалы, уматыгы харайыы эмиэ быһаарыллыахтаах диэн буолла. Маныаха геологтар: «Бу барыта Мирнэйгэ баран хараллыаҕа. Экологтар кытаанах кэтэбиллэригэр сылдьабыт. Манна кэпсэнэр учаастакка туох-ханнык үлэ бара турарын улуус бэрэстэбиитэллэрэ тиийэн көрүөххүтүн сөп. 90-с сылтан саҕалаан хампаанньа экологияны харыстыырга улахан үлэни ыытар», — диэтилэр.

«Үлэни ыытар сирдэрэ 82 квадратнай миэтэрэҕэ тэҥнэһиэҕэ. Көҥүлү олохтоох ойуур хаһаайыстыбатыттан ылбыттар. Бу эргин экспедиция өссө 2008 сыллаахха үлэни ыыта сылдьыбыт. Чинчийиини ыыппыт сирдэригэр алмаас баар сибикитэ оччолорго биллибэтэх», — диэн Анатолий Васильевич салгыы кэпсиир.

Олохтоохтор бэйэлэрин усулуобуйаларын маннык туруорустулар: «Үлэ барар кэмигэр хампаанньа нэһилиэк бюджетыгар дивиден харчытын төлүөхтээх уонна үлэҕэ олохтоох дьону кытыннарыахтаах».

Улуус баһылыга А.В. Григорьев «АЛРОСА»-ны кытта Сөбүлэһиини түһэрсиэхтэрин туһунан эттэ. Истиилэргэ мустубут дьонтон 15 эрэ киһи утарда. Атыттар сөбүлэстилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА