«Дыгын оонньууларыгар» 3-с миэстэни ылбыт Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх Айсен Ботуевы дойдутун дьоно уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
Олохтоохтор фейерверктээхтэр, былакаат суруйан бэлэмнээбиттэр. Санатан эттэххэ, Айсен Ботуев 18 саастаах многоборец, Чурапчы спортивнай институтун устудьуона. Туймаада ыһыаҕар 66-та тутум эргийэн, рекорд олохтоон, элбэх киһи кутун-сүрүн туппута.