«Звезднай» микрооройуоҥҥа 112 мВт кыамталаах саҥа хочуолунай бу сыл балаҕан ыйыттан үлэлиэҕэ.
Билигин эбийиэккэ хочуоллара туруорулунна, инженернай ситим таҥыллар, электрокоммуникацията ууруллар, диэн иһитиннэрдэ «РИА» АУоСЗ генеральнай дириэктэрэ Лия Шайнурова бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков миэстэтигэр тиийэ сырыттаҕына.
«Оборудование толору кэлбитэ, таҥыы үлэтэ барар. Билигин линейнай чааһын бүтэрэбит, салгыы хочуолунай толору түмүктүүр үлэтин оҥоробут. Атырдьах ыйын бүтүүтэ — балаҕан ыйын саҥата хочуолунай үлэтин саҕалыаҕа», — диэтэ Шайнурова.
Саҥа хочуолунай куоракка биир саамай күүстээх эбийиэгинэн буолуоҕа, кыамтата 112 мВт. «Звёзднай» микрооройуону таһынан чугастааҕылары эмиэ сылытыаҕа, холобур Ильинка микрооройуону.
This post was published on 21.06.2024 10:31 10:31