Россия үрдүнэн искусственнай ардаҕы аҕалар түөрт зондировщик сөмөлүөт үлэлиир, онтон иккитэ Саха сиригэр. Росгидромет «Як-40» уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньа «Ан-26» сөмөлүөттэрэ. Ардаҕы хайдах ыҥыраллар, хайдах усулуобуйаҕа көтөллөр, ханнык оройуоттарга үлэлиэхтээхтэрий — ЯСИА-ҕа экипаж чилиэттэрэ кэпсээтилэр.
Саха сирин килиимэтин уратыта
2024 сыл сайына кураан буолара күүтүллэр, бу ойуур баһаара тахсыытын улаатыннарар. Маннык түгэҥҥэ зондировщик үлэтэ хайаан да наада.
«Бастатан туран, Саха сирин килиимэтиттэн саҕалыахха. Олус уратылаах. Эмискэ куйаас сайын түһүөн сөп, сөҥүүтэ аҕыйах. Өрөспүүбүлүкэ — кураан. Бу барыта зондировщик сөмөлүөт үлэлиир усулуобуйатыгар охсор. Ол иһин биһиги тугу да көтүппэккэ талабыт, анаалыстыыбыт», — диэтэ «Як-40» бортка экспедиция салайааччыта Валентин Кирин.
«Этиҥ былыттан сиргэ тиийэн, умайыыны оҥоруон сөп, оттон сөҥүү ситэри тиийбэккэ хаалар, онон сири инчэппэт», — диэтэ «Ан-26» борт салайааччыта Иван Ломакин.
This post was published on 07.06.2024 15:38 15:38