Зондировщик-сөмөлүөт Өлүөхүмэ уонна Сунтаар оройуоннарыгар искусственнай ардаҕы ыҥыра тахсыаҕа, диэн СИА кэпсиир.
«Сууккаҕа ойуур баһаарын кэтээн көрүүгэ 20 салгын суднолара туһаныллаллар. Бүгүн Сунтаар уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар зондировщик көтөрө былааннанар, искусственнай ардаҕы ыҥыран баһаар турар кутталын намтатыаҕа«, — диэн айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Ону тэҥэ, кини Өлүөхүмэ оройуонугар улахан баһаар туоратыллыбытын иһитиннэрбитэ.
Саха сиригэр бэс ыйын 8 күнүнээҕи туругунан барыта 840 гектар иэннээх түөрт ойуур баһаара умайа турар, ааспыт сыл бу баччаҕа 49 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 155 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.
This post was published on 08.06.2022 12:01 12:01