Зондировщик сөмөлүөт бүгүн илин эҥэр улуустарга үлэлиир

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа аҕыс ойуур баһаара тохтотулунна. Уопсай иэнэ 5127,2 га.
Як-40 зондировщик от ыйын 10 күнүгэр илин эҥэр улуустарга үлэлиир, ол туһунан экология миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ.

17 саҥа умайыы булулунна, уопсай иэнэ 2500 га, ол иһигэр Өлүөхүмэ заповеднига.

Ойуур уотун умуруорууга 1731 киһи уонна 112 техника үлэлиир.

This post was published on 10.07.2024 11:37 11:37