«Зимняя Якутия» уруһуй куонкурсун кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Кыһыҥҥы Саха сирэ» оҕо уруһуйдарыгар куонкурус түмүгүн таһаардылар. Регион араас муннуктарыттан элбэх оҕону хаппыт тэрээһин «Зима начинается с Якутии» бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна, дьиэ кэргэн уонна оҕо-аймах сылларыгар ананна, суруйар ЯСИА.

Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Аркадий Ксенофонтов бэлиэтээбитинэн, куонкурус оҕолорго аан бастаан ыытыллар. Талааннаах кырачааннары өйүүр, кинилэри култуураҕа, туризмҥа сыһыарар сыаллаах тэрилиннэ.

«Барыта 1190 оҕо кытынна. Уруһуйга 733 үлэ киирдэ, хаартыскаҕа — 459. Маны сэргэ дьон сөбүлээбит үлэтэ диэн номинация баар», — диэтэ Ксенофонтов.

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев, ЯСИА

Кыайыылаахтарга дипломнары туттардылар. Уруһуйга Замир Михайлова, хаартыскаҕа Арылхан Иванов үлэлэрин дьон талла.

Хаартыскаҕа бастакы степеннээх диплому туттулар Саргын Кривошапкин, Дмитрий Шараборин, Ева Портнягина, Айхал Колесов, уруһуйга — Айыллаана Максимова, Анастасия Кузнецова, Арина Егорова уонна Анастасия Сергеева.

This post was published on 06.12.2024 14:04 14:04