Жаутыковскай олимпиада биэс мэтээлин саха оҕолоро ыллылар

Норуоттар икки ардыларынааҕы Жаутыковскай олимпиада тохсунньу 7-13 күннэригэр ыытылыннылар. «Казахтар тэрийэр олимпиадаларыгар араас дойдулар оскуолалара математикаҕа, физикаҕа, информатикаҕа хамаанданан уонна биирдиилээн күрэхтэһэллэр. Биһиги оҕолорбу ситиһиилэннилэр«, — Иван Шамаев социальнай ситимҥэ суруйда.


Жаутыковскай олимпиадаҕа кыттыыга хамаандаҕа үс математик, икки физик, икки информатик киирэллэр. Былырыыҥҥа диэри бу олимпиада Алма Атаҕа сирэй буолбут буоллаҕына, быйыл пандемиянан сибээстээн, ыраахтан кыттыы быһыытынан барда.

Иван Шамаев суруйбутунан, урукку өттүгэр 40-ча хамаанда кыттар эбит буоллаҕына, быйыл Европа, Азия континеннарыттан барыта 140-ча бастыҥ оскуола кыттыыны ылла. Саха сириттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернатын хамаандата кытынна.

«Иллэрээ сыллаахха РЛИ 1 боруонса мэтээли, былырыын 4 боруонса мэтээли ылбыт буоллаҕына, быйыл барыта 5 мэтээлгэ тиксэр чиэскэ ситистэ. Ол курдук физикаҕа Стас Новиков үрүҥ көмүс, математикаҕа Андрей Замятин уонна Айаал Соров — иккиэн боруонса, информатикаҕа Никита Семенов уонна Тимур Зыков — иккиэн боруонса мэтээллэр хаһаайыттарынан буоллулар. Олимпиадаҕа бэлэмнээһиҥҥэ хас биирдии предмеккэ учууталлар биригээдэлэрэ түмүллэн үлэлээтилэр. Физиктэр биригээдэлэрин В.Ф.Потапов, математиктары И.Г.Кысылбаиков, информатиктары Н.Н.Павлов салайдылар«, — диэн иһитиннэрдэ Иван Шамаев.

Хамаандаҕа киирбит сэттэ үөрэнээччиттэн алтата РЛИ-гэ кыра кылаастартан үөрэнэллэр, оттон Семенов Никита Ньурба техлицейин 9 кылааһын бүтэрэн баран, РЛИ-га киирэн үөрэнэ сылдьар.

This post was published on 15.01.2021 16:02 16:02