6 Муус устар 06.04
  • -20°
  • $ 79,73
  • 92,19

Жатай – Төхтүүр хайысханан паром сырыыта быстах кэмҥэ тохтоото

12:03, 08 ноября 2022
Читайте нас на

Өлүөнэ өрүскэ гидрологическай быһыы-майгы мөлтөөһүнүнэн уонна муус турарынан сибээстээн, Жатай – Төхтүүр хайысханан паром сырыыта сэтинньи 10 күнүгэр диэри тохтоото. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан дьон өрүһү «ирбиһинэн» эбэтэр аэроботка олорон туоруур. Күн бүгүн 20 суудуна уонна алта аэробот дьону тиэйэр.

Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, суол туруор диэри, төһө кыалларынан өрүһүнэн сырыыны тохтоторго ыҥырар

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА