“Земский фермер” бырагыраама наада дуо?

Хаартыска: СИА

Тыа сиригэр билигин сүрүн дьарык – тыа хаһаайыстыбата. Бу хайысхаҕа исписэлиистэр, эдэр кадрдар тиийбэттэр диэн уҥа-хаҥас мунньахтарга кэпсэтэбит, хайдах-туох гынан саҥа ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр үөрэхтээх дьону баар оҥортолуубут диэн төбөбүтүн сынньабыт.

Биллэн туран, өйөбүл миэрэлэр наадалар. Дьиэ-уот, олороллоругар усулуобуйа, инфраструктура. Эдэр исписэлиис оҕотун аныгы оскуолаҕа үөрэттэриэн, спортка, култуураҕа, историяҕа дэгиттэр сайыннарыан баҕарара “баа” буоллаҕай?!

Дойду президенэ бэйэтин Туһаайыытыгар бөдөҥ хаһаайыстыба тыа сиригэр тэриллэригэр социальнай эбийиэктэр баар буолуохтаахтар, оччоҕуна эрэ хайалара даҕаны бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥҥэ үлэлээн, таһаарыылаах буолаллар диэбитэ.

«Земский учитель» уонна «Земский доктор» бырагырааммаларга чугас ис хоһоонноох «Земский фермер» диэн бырагырааманы оҥорор туһунан “Биир ньыгыл Россия” баартыйаттан көҕүлээһин баар. Бырайыакка этиллэринэн, эдэр исписэлиис тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлии тиийэригэр судаарыстыбаттан 1 мөл солк көмөнү ылыан сөп, дьиэ кэргэнин олохсутар усулуобуйа тэринэригэр.

Оттон Саха сиригэр АГАТУ баазатыгар Ил Түмэн депутаттара, былаас уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин агропромышленнай комплексыгар кадры бэлэмниир туһунан кэпсэттилэр. Онно “каадырынан хааччыйыыга ураты миэрэлэри ылар кэм буолла” диэн этилиннэ. «Земский фермер» бырагырааманы олоххо киллэрэр туһунан боппуруоһу үөрэтэн көрөргө диэн эттилэр.

Муус устар 11 күнүгэр XI Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин сийиэстэригэр астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын толорооччу дириэктэрэ Андрей Ноговицын кыттыыны ылла. Кини сийиэскэ каадыр тиийбэтин, исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы эмиэ уустугун туруорустум диэн эппитин, СМИ суруйда. “Бастатан туран, исписэлиистэри тыа сиригэр олохсутууга көдьүүстээхтэрин көрдөрбүт «Земскэй луохтуур», «Земскэй учуутал», «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраамалар курдук «Земскэй аграрий» диэн бырагыраама наада. Ипотекаҕа чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныахтаахтар, үлэлээбит сылларынан биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтаахтар, биэнсийэлэрин кээмэйэ үрдэтиллиэхтээх. Оччотугар эрэ тыа сиригэр, уопсайынан тыа хаһаайыстыбатыгар анал идэлээх исписэлиистэри олохсутан үлэлэтэр ситиһиллиэҕэ”, — диэбитин цитируйдаатылар.

This post was published on 24.04.2024 10:26 10:26