Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн дойду регионнарыгар 2020 сыллаахтан «Земскэй учуутал» диэн федеральнайдааҕы бырагыраама үлэлиир. Саха сиригэр тустаахтарга төлөбүр бэрилиннэ, барыта 30 мөл солк, СИА-ҕа үөрэх министиэристибэтэ эттэ.
Бу сыл от ыйыгар куонкурсу 15 претендент ааһан, кыайыылаах аатын ылбыта. Кинилэр биир кэмнээх компенсация төлөбүрүн тыа сиригэр үлэлии баралларыгар ылар бырааптаахтар.
Куонкуруска барыта 122 претендент Россия 32 регионуттан кыттыбыта.
Бырагыраама кыттыылаахтарыгар Уһук Илиҥҥэ — 2 мөл солк, атын регионнарга — 1 мөл солк төлөбүр бэриллэр.
2023 сылга «Земскэй учуутал» бырагыраамаҕа 22 квота көрүллүбүт (44 мөл солк), 2024 сылга – 17 (34 мөл солк).
This post was published on 07.10.2022 10:32 10:32