Президент Владимир Путин «Земскэй доктор» бырагырааманы, үөрэхтэрин бүтэрэн баран, төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии барар исписэлиистэр туһаналларыгар эттэ. Дойду салайааччытын сорудаҕын туһунан «Парламентская газета» суруйда.
Медицина исписэлиистэрэ билигин төрөөбүт дойдуларыгар төннөн үлэлииллэригэр төлөбүрү ылбаттар.
««Земскэй доктор» уонна «Земскэй фельдшер» бырагыраамаларыгар көннөрүүлэри киллэрэргэ, бырагыраама кыттыылаахтара үрдүк уонна орто анал медицина үөрэҕин бүтэрбит буолуохтаахтар (ол иһигэр «целевойунан») уонна олорор сирдэригэр медицина тэрилтэлэригэр үлэлиир баҕаларын биллэриэхтээхтэр», — диэн сорудахха этиллэр.
This post was published on 18.01.2022 17:01 17:01