Земскэй быраастарга уонна учууталларга төлөбүрдэр НДФЛ-тан босхолоннулар

Земскэй быраастарга уонна учууталлрга биир кэмнээх компенсациялыыр төлөбүрдэр, ылыллыбыт сокуонунан, НДФЛ-тан босхолоннулар. Кээмэйиттэн тутулуга суох. Ол туһунан Госдуума официальнай сайта суруйар.


«Уһук Илиҥҥэ, Уһук хоту оройуоннарга, ыарахан суоллаах-иистээх сирдэргэ үлэлииргэ санаммыт земскэй быраастарга уонна учууталларга көрүллэр төлөбүртэн, саҥа киирбит көннөрүүнэн, НДФЛ тутуллубат», — диэн ГД бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин быһыырда.

РФ президенэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн  «Земскэй доктор» уонна «Земскэй учууталь» бырагыраамалар кыттыылаахтарыгар компенсация төлөнөр. Кээмэйэ — биир мөл солк тахса.

Учууталлар уонна быраастар «подъемнайдара» икки төгүл улаатта – 1 мөл солк — 2 мөл солк диэри, оттон фельдшердарга 500 тыһ.солк. — 1 мөл солк.

Маны сэргэ, эбии 1,5 мөл солк тыа сиригэр уонна ыарахан суоллаах-иистээх оробуочай бөһүөлэктэргэ үлэлии барар быраастар ылаллар. Испииһэги олохтоох былаастар бигэргэтэллэр.

This post was published on 23.03.2020 09:33 09:33