«Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиала анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тус көмөлөрө салҕанар.
Соторутааҕыта социальнай сүрүннээччигэ демобилизацияламмыт байыас Николай Н. санаторийга путевка, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньа, социальнай хантараак боппуруостарынан көмөлөһөллөрүгэр эттэ.
Николай бойобуой суолун 2023 сыл тохсунньутугар саҕалаабыта, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар. Хантараага бүппүтүн кэннэ Сахатын сиригэр төннөргө быһаарыммыт.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта үлэ кэнниттэн, Николай Н. инбэлииттэр уонна бэтэрээннэр реабилитацияланар кииннэригэр доруобуйатын туругун бөҕөргөтүннэ.
«Защитники Отечества» салайааччыта Алексей Александров эппитинэн, Николай пуондаҕа кэлбит соруктара олоххо киирэллэр.
This post was published on 19.12.2023 12:32 12:32