23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Залогтааҕы инбэлииттэри үлэнэн хааччыйар тэрилтэ кыһалҕата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үп-харчы кириисиһэ, үлэ миэстэтин сарбыйыы Саха сиригэр сыл иккис аҥарыттан биллэн барыаҕын исписэлиистэр сабаҕалаабыттара. Ол гынан баран, ханнык да болдьохтортон тутулуга суох, үлэ миэстэтин сарбыйбакка, оҥорон таһаарыы кээмэйин аҕыйаппакка бэйэлэрин кыахтарынан үлэлии сатыыр тэрилтэлэр аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр өссө судаарыстыбаттан кыра да өйөбүлү ылаллара буоллар, ньиргиччи үлэлиир, баай уопуттарынан атыттарга холобур буолар кыахтаахтар.


Холобур, Дьокуускай куоракка Залог оройуонугар баар инбэлииттэри үлэнэн хааччыйар тэрилтэни билбэт киһи суоҕа буолуо. Бу Александр Рыжов саталлаахтык салайбыт инбэлииттэри үлэнэн реабилитациялыыр уопсастыбаннай тэрилтэтэ үлэлээбитэ номнуо 21-с сылыгар барда. Төһө да элбэх сыл аастар, ааһан-араҕан биэрбэт кыһалҕалар, быһаарыллыбат боппуруостар син биир баалларын курдук бааллар. Дьиҥэр, бу коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэ нэһилиэнньэҕэ туһалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Түөрт сыахтаах: иистэнэр, типография, столярнай, атах таҥаһын оҥорор. Төһө да хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа олорбутун, бэйэтин бэйэтэ үбүлэммитин, судаарыстыбаттан биир да харчыны ылбатаҕын да иһин, атыттары кытта тэҥҥэ нолуок төлүү олорор. Аҥардас 2011-2015 сылларга 20 мөлүйүөнү бюджекка түһэрдэ.

Салайааччы, СӨ нэһилиэнньэни социальнай көмүскэл үтүөлээх үлэһитэ Николай Местников үрдүкү былаас уорганнарыгар, министиэристибэлэргэ, туһааннаах биэдэмистибилэргэ сылдьан туруорсар боппуруоһа – чэпчэтиилэри оҥоруу.

Биһиги тэрилтэбитигэр, аата да этэрин курдук, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон үлэлиир. Кэлэктиип улаханнык уларыйбат, ол эрээри, саҥа дьон кэлэ турар буолан, үлэ миэстэтин таһаара сатыыбыт. Ол гынан баран, өйөбүл суох буолан ыарахан. Аны сакаастарбыт билигин туорга таһаарыынан барар буоллулар. Инньэ гынан, атын улахан тэрилтэлэри кытары тэҥҥэ күрэхтэһэр наһаа ыарахан буолла. Ол иһин, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар, инбэлииттэри үлэлэтэр тэрилтэлэргэ улахан чэпчэтии баара буоллар дии саныыбын. Чопчулаан эттэххэ, коммунальнай өҥөбүтүн туох да чэпчэтиитэ суох сүүс бырыһыан төлүү олоробут, – диэн Николай Местников кэпсээнин саҕалаата.

Сокуон суоҕа атахтыыр

«Көмөлөһүөхпүтүн баҕарбыппыт да иһин, онно сөптөөх сокуон суох» диэн иһэллэр. Оттон биһиги ханнык эмэ нормативнай акт ылынан, чэпчэтиилэри оҥоруохтарын баҕарабыт. Тоҕо диэтэххэ, оҥорор бородууксуйабытыттан киирэр харчы коммунальнай өҥөлөргө, бэйэбитин көрөн-истэн, хааччынан олорорбутугар эрэ тиийэр. Хата, бастайааннай сакаасчыттардаах буоламмыт, кинилэргэ оҥорбут бородууксуйабытыттан үптэнэн-хамнастанан олоробут.

Дьиэлэрбит наһаа эргэрдилэр, 1960-c сыллардаахха тутуллубут дьиэлэргэ үлэлии олоробут. Кыра өрөмүөннэргэ сүүрбэ сыл устата элбэх харчыны тутуннубут. Онно да судаарыстыба өттүттэн көмө суоҕа эмиэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр, – диэн этэр Николай Местников.

Социальнай хайысхалаах тэрилтэ быһыытынан куонкурустарга, граннарга кыттыахтарын аны нолуокка, о.д.а. төлөбүрдэргэ иэстэнэн хаалан, кыттар кыахтан маталлар. Ол иһин, Предпринимательство министиэристибэтин субсиядиятынан туһанаары былырыыҥҥыттан сорох сыахтарын «Заря», «Рассвет» уонна «Сайдыы» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба, юридическай сирэй оҥордулар. Ол эрээри, билиҥҥитэ кыалла илик. Тоҕо диэтэххэ, субсидия ыларга солуок наада.

Ыарахаттартан тахсар суолу тобулуохха

Дьокуускай куорат Сэргэлээх шоссетыгар инбэлииттэри реабилитациялыыр лицей-интернакка холбоһуохтарын баҕараллар. Оччоҕо, бастатан туран, лицей үөрэнээччилэрэ бу тэрилтэ сыахтарыгар кэлэн сылы эргиччи производственнай практикаларын барыа, үөрэхтэрин үлэни кытары алтыһыннарыа этилэр. Кэмчилээбит харчыларын матырыйаал, сырье атыылаһарга, саҥа үлэ миэстэтин таһаарарга туттуо этилэр. Иккиһинэн, бюджет подразделениета буоллахтарына, кинилэри судаарыстыба үбүлүүр кыахтаныа этэ.

Билиҥҥитэ «этэ…» эрэ дииргэ тиийэбит. Николай Гаврильевич СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Дружиниҥҥа киллэрбит суругар харданы күүтэр, ону таһынан, мэлдьи да буоларын курдук, депутаттар ааннарын саппат.

Депутаттар, төһө да сокуон суоҕар сигэннэллэр, сакаас булан биэрэн, араас инстацияларга хадатаайыстыба суруйан уо.д.а. көмөлөһөллөрүн туһунан салайааччы махтанар. Ол да иһин, хаһыат нөҥүө «Якутскэнерго» (Олег Тарасовка), «Эпл Даймонд» (Петр Борисовка), «Сахатранснефтегаз» (Иван Макаровка), «Якутцемент» (Алиш Мамедовка) уо.д.а. тэрилтэлэр салайааччыларыгар, депутаттар Антонина Григорьеваҕа, Елена Голомареваҕа, Василий Местниковка, Виктор Губаревка, Петр Аммосовка уо.д.а. махталын тириэрдэр.

***

Бу тэрилтэ үлэһиттэрэ атын ханна да баран үлэлиир кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, биир да тэрилтэ кинилэри үлэҕэ ылан «ноҕуруускаланыан» баҕарбат. Урут тэрилтэлэр үлэһиттэрин ахсааныттан 2-3 бырыһыанын (бас билииттэн тутулуга суох) доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо биэриэхтээхтэрин туһунан сокуон баар этэ. Хомойуох иһин, ити сокуон өрөспүүбүлүкэҕэ наһаа ыараханнык киирэр. «Инбэлииттэри үлэлэтэр усулуобуйабыт суох, үлэ миэстэтэ суох» диэн кыаллыбаты эрэ кэлиилии кэбэ тураллар.

Оттон судаарыстыба өйөбүлэ суох тэрилтэ 60-тан тахса инбэлииккэ хайдах эрэ үлэ миэстэтин таһааран үлэлэтэ олорор эбээт! Кинилэр туруорсар боппуруостара да элбэҕэ суох – коммунальнай өҥөлөргө, үлэһиттэргэ олорор дьиэни биэриигэ, кредитинэн туһанарга чэпчэтиилэри көрүү. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыһыынчанан ахсааннаах коммерческайа суох тэрилтэ баар да, дьону үлэнэн хааччыйан, хамнас төлүүр, социальнай бакыаттары туһанар, нолуоктары төлөөн олорор тэрилтэ бэрт аҕыйах. Үгүс тэрилтэ кумааҕыга эрэ сылдьар.

Тэрилтэ салалтата үбүлээһини өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар киллэртэрэ сатаата да, билиҥҥитэ кыалла илик. Дьиҥэр, кинилэргэ элбэҕэ суох, 5-6 мөл.солк. эрэ наада эбээт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА