Саха сиригэр 129 араас бырааттыы норуоттар олороллор. 75 араас национальнай култуурунай түмсүүлэр тиһиктээхтик үлэлииллэр. Сомоҕолоһуу хас биирдии иэримэ дьиэттэн, нэһилиэктэн, тэрилтэттэн, улуустан саҕаланар. Оччоҕо эрэ норуот сомоҕолоһор. Чурапчы улууһугар Кусаиновтар бастыҥ холобур буолаллар.
Чурапчы улууһугар Сойуус саҕаттан дойду араас муннуктарыттан үлэлии, үөрэнэ кэлэн баран олохсуйбут дьон үгүс. Кинилэр ортолоругар Чурапчы нэһилиэгин биир убаастанар элбэх оҕолоох ыала Закия уонна Нуралы Кусаиновтар Башкирия уонна Казахстан курдук ыраах сиртэн көһөн кэлэн,
“Куоҕалы” түөлбэҕэ олохсуйбуттара номнуо 40-тан тахса сыл буолбут.
Этэҥҥэ олордоххо, дьыл — биир хонукка тэҥнээх
“Өр сыл Чурапчыга олордум даҕаны биир да тылы сахалыы кыайан саҥарбаппын”, — диэн ыал аҕа баһылыга Нуралы күлэр. Кусаиновтар эдэр ыал Саха сиригэр аан маҥнай 70-с сыллар бүтүүлэригэр, улахан уоллара Арман 1 сааһын туолбутун кэнниттэн, Казахстантан 1978 сыллаахха көһөн кэлэн, Чурапчы оройуонугар олохсуйбуттар. Оччотооҕу Сойуус ыҥырыытынан, суоппар идэлээх Нуралы ПМК-мелиорация тэрилтэтигэр үлэлии киирэн баран бастакы пятилетка социалистическэй күрэҕэр, суоппардар ортолоругар чөмпүйүөннээн, райком 1-кы сэкирэтээрэ Илья Листиковтан илиигэ кэтиллэр анал чаһынан наҕараадаламмыта, оттон иистэнньэҥ идэлээх Закия 1979 сылтан саҕалаан, оройуоннааҕы олох-дьаһах кэмбинээтигэр 2004 сыллаахха диэри үлэлээбиттэр.
Улахан уоллара Арман кэнниттэн Алмаз, Алтына, Амантай диэн оҕолор төрүүллэр. Бука бары улаатан, үлэһит дьон буолан, Кусаиновтар билигин элбэх сиэн, хос сиэн тапталларыгар угуттанан, бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор.
Оҕолорбут казахтыы суолталаах ааттаахтар
“Арман диэн казах тылыгар “баҕа санаа диэн” туруору тылбаастанар, Нуралы ийэтэ сиэн көрүөн наһаа баҕаран, уолбутун итинник сүрэхтээбиттэрэ. Алмаз диэн “хорсун”, оттон сахаларга күндү таас буоларын манна кэлэн саҥардыы билбиппит. Кыыспыт Алтына диэн, биһиги итинник ыҥырабыт, көмүс диэн суолталаах. Эбэтэ кинини Алтынабек диэн олус уратытык, сымнаҕастык ааттыыра. Амантай диэн “олох, тыыннаах буолуу” диэн өйдөбүллээх. Оҕолорбутун итинник ааттаабыппыт, сиэннэрбит эмиэ бука бары казахтыы суолталаах ааттаахтар”, — диэн алаһа дьиэ хотуна Закия билиһиннэрэр.
Сахалыы бүлүүдэ, саха тыла
“Нуралы тугу барытын сиир”, — диэн кэпсии-кэпсии, Закия күлэр. “Аан маҥнай кэлэн баран, биллэн турар, сахалар сылгы этин уонна тоҥ балыгы кыһан сиикэйдии сииллэрин дьиктиргии көрбүттээҕим, кэлин сии үөрэммиппит. Идэһэ өлөрүүтүгэр сыл аайы сылдьыһабын. Башкирдар сүөһү иһин сииллэр, онон үөрэ миинин иһэри эрдэттэн билэр этибит.
Сахалыы саҥаны бэйэм толору өйдүүбүн, ол эрээри кыайан саҥарбаппын, кэлин ватсап ситимин нөҥүө “онон-манан” кыралаан ааҕабын. Оҕолорбут бука бары Чурапчы нэһилиэгэр Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Сахалыы үчүгэйдик саҥараллар, суруйаллар, ааҕаллар. Кинилэр Чурапчы буоллахтара!”, — диэн ыал ийэтэ Закия күлэ-үөрэ сэһэргиир.
Улуус дьонун кытары алтыһыы
“Маҥнай үлэлии кэлиэхпиттэн улуус дьоно сүрдээх эйэҕэстик көрсүбүттэрэ. Доҕор-атас элбэх. Ол саҕана үлэ да күүстээх этэ, элбэх сирдэринэн айаҥҥа сылдьарбыт, Маҕадаанынан, Читаҕа тиийэ, массыына перегонугар бара сылдьыбыттааҕым. Оҕолор кыра сылдьан хосторугар каарталаах этилэрэ. Онно “Аҕабыт айаннаабыт сирдэрэ” диэн хас тиийбит сирбинэн былаахтары ойуулуур буолаллара”, — диэн Нуралы Жамкамбетович оччотооҕу кэми истиҥник ахтар.
“Оттон мин үлэлээбит кэмбинээтим кэлэктиибэ, биллэн турар, олус улахан уонна биир иллээх дьиэ кэргэн курдук этибит. Тэрилтэбит үбүлүөйэ буолуохтаах этэ. Чурапчы курдук үтүөкэннээх сиргэ-дойдуга, туруу үлэһит дьон ортотугар олохсуйан, оҕо-уруу тэнитэн олорорбутуттан дьоллоохпут. Билигин ыарыы, дьаҥ кэмигэр бука бары этэҥҥэ олорон ыарахан кэми аһарарбыт буоллар, диэн баҕа санаалаахпын”, — диэн дьиэ кэргэн Далбар хотуна Закия Шайхитдиновна баҕа санаатын тиэрдэр.
Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыырын, ыарахан да чэпчиирин Кусаиновтар дьиэ кэргэн холобуругар көрөбүт. Кинилэр бэрт кылгас, ол эрээри сэргэх кэпсээннэригэр Чурапчы улууһа ханнык да норуоту кытта эйэлээх, доҕордуу сыһыаннааҕын, бэйэ-бэйэни өйөһөр, өйдөһөр уонна түмсүүлээх улуус буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Ааптар: Семен Жендринскай, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы улууһа
This post was published on 04.11.2021 11:01 11:01