«Южная Якутия» ТОР резиденнара 93 млрд солк тахсаны дьыалаҕа уктулар

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Южная Якутия» ТОР резиденнэрин уопсай угууларын иэнэ 93 млрд солк аһарда. Ол туһунан ТАСС-ка «КРДВ Якутия» директора Дмитрий Борисов эттэ.

«Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы Корпорациятын кытта 18 сөбүлэҥ түһэрсилиннэ, «Южная Якутия» ТОР үлэни тэрийиигэ. Инвестиция уопсай иэнэ — 117,8 млрд солк, 9319 үлэ миэстэтэ арылынна. Резиденнэр укпут харчылара 93,86 млрд солк, 8417 үлэ миэстэтэ тэрилиннэ», — диэтэ Борисов.

Кини чуолкайдаабытынан, 2023 сылга УК «СТС-Уголь» хампаанньаны кытта «Налымакитский» сиригэр сылга 250 тыһ туонна чоҕу хостооһуҥҥа инвестиционнай бырайыакка сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.

This post was published on 17.01.2024 11:01 11:01