«Приоритет-2030» бырагырааманан Арктикатааҕы культура уонна искусство судаарыстыбаннай института (АГИКИ), Universal University уонна «Сэйбиэм» хампаанньа ювелирнай дизайнҥа сайыҥҥы оскуоланы арыйан үлэлэтэллэр. Бу иккис тэрээһин.
Стратегическай көҕүлээһиннэр Агентстволарын креативнай экономиканы сайыннарыы киинин дириэктэрэ, Universal University креативнай индустрия университетын управляющай партнера Екатерина Черкес-заде эппитинэн, «бастакы ювелирнай оскуола уопута ааспыт кэмҥэ холобура суох».
«Биһиги тута глобальнай ырыынакка тахсыахпыт диэн, Токиоҕа үлэбит көрдөрүллүө диэн ким да кэтэспэтэҕэ. Иккис ювелирнай оскуолаттан элбэҕи күүтэбит», — диэтэ Черкес-заде «Россиятааҕы креативнай нэдиэлэ» былаһааккатыгар. Кини эппитинэн, оскуола Саха сиригэр креативнай экономика сайдыытыгар хайдах көмөлөһүөххэ сөбүгэр холобур буолуоҕа.
АГИКИ ректора Саргылана Игнатьева чуолкайдаабытынан, «Приоритет-2030» бырагырааманан сайыҥҥы оскуолаҕа 20 истээччи үөрэниэҕэ. Хас биирдиилэрэ ювелирнай дизайнҥа ураты коллекцияны бэлэмниэҕэ. Үлэлэри «Сэйбиэм» хампаанньа өйөбүлүнэн Россия уонна тас дойдулар быыстапкаларыгар туруоруохтара, диэтэ ректор.
Үс ыйдаах үөрэх АГИКИ баазатыгар, «Сэйбиэм» ювелирнай-гранильнай кластерын производственнай баазатыгар, «Квартал труда» креативнай кластерга уонна Москваҕа Universal University кампуһугар барыаҕа.
Сайыҥҥы оскуола түмүгүнэн Уһук Илин, дойду атын регионнарын дизайнердарыгар, ювелирдарыгар анаан Хоту сир култууратын кодугар олоҕурбут ювелирнай дизайнҥа үөрэх бырагырааматын оҥоруохтара.