Билигин саха литературатыгар саҥа тиэмэни, жанрдары, геройу, хайысханы көрдүүр, саҥа саҕахтары арыйар быыһык кэмҥэ үктэнэн сылдьабыт. Онуоха бу кэнники кэмҥэ айар куттаах юрист дьон литератураҕа хото киириилэрин туспа литературнай тиэмэни сырдатар ураты уус-уран хайысха, литературнай көстүү быһыытынан сыаналыахха сөп. Юрист идэлээх суруйааччылары биир эйгэ түмэр – кинилэр уустук үлэҕэ-хамнаска эриллэ сылдьар, олох араас көстүүтүн эттэринэн-хааннарынан билбит, кырдьыгы-сымыйаны, үрүҥ-хара дэгэтин, олох-өлүү кирбиитин билэр, ону ааһан ааспыт үйэ 90-ус сылларын, сыалай культурнай формация, өй-санаа, олох-дьаһах эстиитигэр түбэспит буолан, ыарахан социальнай-политическай балаьыанньаҕа хатарыллан, буһан-ситэн сылдьар дириҥ уопуттаах дьон. Бу ураты хаачыстыба айар үлэлэрин тиэмэтин, уобарастарын, сюжет хаамыытын, айымньы пафоһын, настырыанньатын, идеятын барытын, ол аата, уопсайынан, истиилин быһаарар суолталанар, онон даҕаны атын суруйааччылартан биллэрдик ураты бэлиэлиир диэххэ сөп.
Саргылаана Еремеевна Ноева,
филологическай наука кандидата,
РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна
хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ
Маны тэҥэ аҕыйах сылтан бэтэрээ аныгы көҥүл кэм долгунугар сөп түбэһэн, араас төрүөтүнэн ахтыллыбатах урукку сабыылаах тиэмэни сэгэтэр, конфлигы сырдатар сорук турар. Онон суруйар киһи куолаһа көҥүл тыыннааҕа уонна тус бэйэ сыанабылын тиэрдэр субъективнай көрүүлээҕэ харахха быраҕыллар. Айымньыларга Мин диэн категория күүһүрүүтүн, автор куолаһа сытыырхайыытын бэлиэтиир сөп.
Иннокентий Лукин-Лэгэнтэй Тыын Харбас 2015 c. «Кыым» хаһыакка тахсыбыт «Уус-уран тыл уонна юристар» ыстатыйатыгар бэрт оруннаахтык бэлиэтээбитин курдук, биһиги литературабыт хара төрүттэниэҕиттэн юрист идэлээх саха айар интеллигенциятын кытта ыкса ситимнээх этэ. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, В.Н. Леонтьев, С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ курдук сырдык толкуйдаах, талааннаах дьон литература эйгэтигэр үлэлээн, саҥа сонун хайысханы, жанры сэгэтэн, сайыннаран ааспыттара.
Суруйарга холонор юрист идэлээх дьон ортолоругар прозаны да, поэзияны да хайысха оҥостон суруйар-айар, араас-араас тиэмэҕэ үлэлиир, балачча биллэр да суруйааччылар, саҥа холонооччулар да бааллар. Юрист суруйааччылар айымньыларын тиэмэ араастарынан наардаан маннык бөлөхтөргө араарар сөп.
- Бастатан туран, поэттар Е.П. Пестряков-Дьөгүөр Түбэ, А.П. Илларионов, М.Е. Иванов-Чуона Мэхээлэ, Л.Г. Прокопьева-Уйулҕаана, А.С. Константинова-Дархаана уо.д.а. поэтическай айымньылара. Поэттар хоһооннорунан үгүс ырыа суруллан ылланар. Бу айымньыларга форма, жанр, уобарас тиһигин уратыта эмиэ ырытааччыларын күүтэр;
- Иккис бөлөх. Булт-алт тиэмэтигэр кэпсээннэр, сэһэннэр. Май Прокопьевич Емельянов «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаарбыт «Соһуччу көрсүһүү», «Бүтэһик ботуруон», Лэгэнтэй-Тыын Харбас «Солдаты-охотники», Николай Уус «Булт ыарахан тыына», «Түүн үүтээҥҥэ», «Ытыллыбыт буулдьа» кинигэлэригэр киирбит кэпсээннэрэ билигин саха прозатыгар саха омугун ментальнай ураты толкуйун арыйаллар, булт-алт туһунан туспа жанр сайдыытыгар төһүү буоллулар.
Салгыы кэлэр бөлөхтөрү бу дьон саха литературатыгар саҥа хайысханы, суут-сокуон тиэмэтин киллэрэллэринэн уонна ааптардар айар үлэлэригэр быһаччы сыһыаннааҕын быһыытынан, юрист идэтин иһиттэн сырдатар, уонна бу уустук эйгэни толору арыйар диэн сиһилии соҕус ырытар наада дии саныыбын.
Төрдүс бөлөх айымньылар – историческай бөдөҥ жанрга үлэлэһэр суруйааччылар айымньылара. Документальноска олоҕурар буолан, бу жанр юрист-суруйааччыга балачча кыаллар, чугас жанр диэххэ сөп. Ол туоһутунан Иннокентий Федотович Семенов «Тимир чуумпуур» сэһэнэ, Николай Уус «Быһылааннаах былыргыга» романа, Иннокентий Андреевич Иванов «Чуумпу Бүлүү» романа буолаллар.
Николай Федорович Борисов-Ньукулай Уус «Олох чорооно» (2004), «По криминальным следам золотого Дальстроя» (2003), «Тусклый отблеск алмазов» (2005), «Манчаары Баһылай — юрист көрүүтүнэн» (2012) айымньыларыгар юрист идэлээх киһи кыраҕы көрүүтэ бэлиэтэнэр.
Үс чаастаах «Быһылааннаах былыргыга» романа билиҥҥи кэмнээҕи саха литературатыгар биир интэриэһинэй хайысхаҕа, историческай жанр киэбинэн, суруллубут. Саха норуотун дьылҕатын сыаналааһыҥҥа биир уустук балаһа кэми уустаан-ураннаан ойуулааһыҥҥа, чопчулаан эттэххэ, нуучча бастакы хаһаактара Саха сирин хоту өттүн, Дьааҥы, Индигиир, Халыма тардыыларыгар тиийиилэрин, олохтоох омуктары кытта сыһыаннарын, дьаһаах хомуйуутун, Зашиверскай куорат олоҕун уус-уран анаарыыга анаммыт.
Ол курдук роман ойуулуур кэмин – геройдар ураты мөссүөннэрин автор саха, хотугу омуктар үһүйээннэрин, номохторун матырыйаалыттан халбарыйбакка ситэрэн-хоторон ойуулууругар, ону роман тиһигэр табыгастаахтык киллэриитигэр көрөбүт. Ааптар уобарас тиһигин, сюжет сайдыытын саха үһүйээннэринэн эрэ буолбакка, хотугу дойдуну чинчийбит үөрэхтээхтэр суруйууларыгар, ыраахтааҕы ыйаахтарыгар, нуучча хаһаактарын суруктарыгар, чэлэбиитинэй грамоталарга олоҕуран сырдатынар, салайтарар.
Николай Уус роман кыаҕын туһанан саҥа теманы сырдатыыта кэскиллээх, саха омук олоҕун, дьылҕатын туһунан араас оруннаах толкуйга аҕалар сүрүннээх. Сүүһүнэн сылларга хотугу сиргэ бииргэ олорон кэлбит омуктар эндирдээх, эйэ дэмнээх сыһыаннарын ойуулааһын олох, дьылҕа, норуот туһунан ураты бөлөһүөктээһиҥҥэ кубулуйар.
Билиҥҥи кэмнээх саха историческай романа былыргы кэми тема оҥостон, билиҥҥи, кэлэр кэмҥэ норуот дьылҕатын, киһи аналын туһунан мындыр толкуйдарга салайар. Поэтиката күүстээх, саха, хотугу төрүт олохтоох омук киһитин менталитетын арыйар дьиктилээх, сонун темалаах Николай Уус «Быһылааннаах былыргыга» романа ааҕааччыны да, чинчийээччини да умсугутуохтарын умсугутар, саҥаттан саҥа ырытыыны, көрүүнү үөскэтэр кыахтаах роман, билиҥҥи саха литературатыгар бэлиэ айымньы буолар.
Эмиэ историческай тиэмэҕэ үлэлэһэ сылдьар Иннокентий Андреевич Иванов «Күрүлгэн», «Чолбон» сурунааллар хас да нүөмэрдэригэр тахсан ааҕааччыны сонурҕаппыт «Чуумпу Бүлүү» романыгар эмиэ детективнай сюжет сүрүн суолталанар. Суруйааччы роман ис кыаҕын толору туһанан, айымньыны иилиир-саҕалыыр көмүс, алмаас Саха сиригэр бастакы көстүүтүн туһунан таайтарыылаах сюжеты балачча улахан роман матырыйаалыгар киллэрэн, маастарыстыбалаахтык ойуулуур. Бу алмаас идеята роман былаһын тухары иилиир идея буолан, тыҥаан-тыҥаан баран, омос көрдөххө, күндү таас эккирэтиһиитигэр сыһыаннаах көннөрү авантюрнай сюжеттан кэҥээн, киһи олоҕун күндүтүн туоһута буолан, алмааска-көмүскэ тэҥэ суох уникальнай өйдөөх-санаалаах дьон дьылҕатын бэлиэтиир уус-уран символга кубулуйар.
Роман аата да таайтарыылаах, тыҥааһыннаах ситуацияны сэрэтэр концепт буолар. Ол курдук «чуумпу» концепт быһыытынан Бүлүү эбэни характеристикалыыр тылтан кубулуйан, айымньы концепциятын бүтүннүү туомту баайбыт оксюморон быһыытынан өйдөнүөн сөп. «Чуумпу» көннөрү нус-хас буолуу, уоскуйуу эрэ буолбакка, кирийии, саһыы, мунуу, куттал иэйиитин тиэрдэр, элбэх кистэлэҥи, таабырыны иҥэрэн сытар Бүлүү эбэ уобараһын дириҥэтэн көрдөрөр философскай суолталанар. Ромаҥҥа үс көлүөнэ эр дьон – төрүттэрэ Сыгынах, кини уола атыыһыт Тэрэнтэй Павлов, ол кэннэ гражданскай сэрии саҕана хотугулуу повстанческай этэрээт хамандыыра Бүөтүр Тэрэнтэйэбис Павлов – ол аата хас да балаһа кэмҥэ саха эр киһитин дьылҕата ойууланар. Роман хабар балаһа кэминэн, географическай далааһына киэҥинэн, уус-уран көрүүтэ дириҥинэн ааҕааччыга сонурҕатар аныгы литература биир күүстээх айымньыта буолар кыахтаах.
Бэһис бөлөх тиэмэ. Документальнай матырыйаалга олоҕуран суруллубут, силиэстийэ уустук күннээҕитин сиһилиир уус-уран айымньылар.
Виталий Власьевич Слепцов «Хаарга тохтубут хаан таммахтара» кинигэтэ, Май Прокопьевич Емельянов 2012 с. «Буулдьа суола» кинигэлэрэ ааҕааччыны биһирэппиттэрэ. Манна ааптардар олохторун сүрүн хайысхатынан буолбут милииссийэ уустук үлэтин түгэннэрэ уустаан-ураннаан сэһэргэнэр. Маннык айымньылар үгэстэринэн, силиэдэбэтэл, өлөрөөччү, сиэртибэ, сибидиэтэл персонажтара сонуннук таҥыллан киирбиттэр. Сиһилээһин үксүн «мин» диэн бастакы сирэйтэн кэпсэнэр. Бу эмиэ туспа уус-уран ньыма буолан, ааҕааччыны быһылаан арыллыытыгар балачча чугаһатар, айымньы ис эйгэтигэр өтөн киириини хааччыйар буолуон сөп.
Кэнники кэмҥэ хото бэчээттэнэр Виталий Михайлович Егоров «Адыаччинская трагедия», «Воздаяние монстру», Леонид Прокопьевич Диодоров «Кровавый отблеск пламени», Алексей Михайлович Ефимов «Право и народ. Вехи жизни» кинигэлэрэ дьиҥ буолан ааспыт түбэлтэлэргэ олоҕураллар, дьон өйүн аймаабыт улахан быһылааннары ойуулууллар. Буолан ааспыт иэдээннээх быһыы-майгы хатыламматыгар ыҥырар сырдык ис хоһоонноохтор. Ааптардар бэйэлэрэ билбит-көрбүт (баҕар, толору докумуоҥҥа олоҕуран да буоллун) урукку түбэлтэлэрин, быһылааннарын, а.э. криминальнай историяны эргитэн, эридьиэстээн, уус-уран матырыйаалы эбэн, бэйэлэрин тус уус-уран көрүүлэрин (авторское Я) киллэрэн суруйалларын бэлиэтээн этэр сөптөөх. Онон бу айымньылары документальнай айымньы, очерк, ахтыы эрэ быһыытынан буолбакка, толору уус-уран айымньы диэн сыаналыыбыт.
Уопсайынан, литератураҕа урукку буолан ааспыты профессиональнай уопукка тирэҕирэн суруйуу атын литератураларга да балачча көстөр. Ол курдук Америка биллэр юриһа Винсент Буглиози элбэх дьону өлөртөрөн айдааны тардыбыт уонна үйэтин тухары хаайылларга уураахтаммыт Чарльз Мэнсон преступник дьыалатын силиэстийэлиири түмүктээн баран, бу туһунан «Hеltеr Skеltеr» диэн кинигэни суруйан 1974 сыллаахха бэчээттэппитэ. Ол кинигэ матыыбынан үстэ төхтүрүйэн киинэ уһуллубута, японскай манга уруһуйдаммыта. Маныаха Егор Неймохов «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» сэһэнин 2015 сыллааҕы экранизацията үгүс наҕараадаҕа тиксибитинэн сыаналаатахха, олоххо буолан ааспыт дьиҥ быһылааны ойуулааһын дьон-сэргэ интэриэһин тардарын, иитэр-үөрэтэр ис хоһооно күүстээҕин итэҕэйэбит.
Алтыс бөлөх суруйуулар. Ити этэн аһарбыт суруйааччыларым биһиги литературабытыгар соччо кэҥии илик детектив жанрын сайыннарар кыахтаах дьон диэн сыаналыыбын.
Детективнай айымньылары Чурапчыга уһун кэмҥэ судьуйанан үлэлээбит Михаил Данилович Попов хото суруйара. Кини «Бытыылкалаах харчы», «Түрүлүөн» айымньылара канонунан суруллубут ыраас детективнай жанрдаахтар диэн сыаналыыллар. Михаил Попов талааннаах суруйааччы Д.Ф. Федоров-Таас кэнниттэн умнууга хаалбыт детектив сонун тиэмэтин сөргүтэн, хорсун-хоодуот герой уобараһын айан, ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта.
Бу детектив жанра дэбигис үрдүттэн сыаналааһыҥҥа чэпчэки, аралдьытар (развлекательнай) литература жанрыгар киллэриллэр. Ол эрээри саха литературатыгар сыһыаннаан бэрт дьоһун жанр буолар кыахтаах. Тоҕо диэтэххэ норуот национальнай майгытын дьэҥкэрдэр булт, тыа сирин, мистика тиэмэлэрин кытта дьүөрэлии хайысхалаах буолан, саха киһитин толкуйун уратытын арыйар, саха бытаан, бириинчиктээн өйдүүр, олохтоох толкуйугар, мэйиитин олоруутугар барсар тиэмэ буолуон сөп курдук.
Детективнэй, авантюрнай, приключенческэй хронотопка (хронотоп – уус-уран айымньыга кэм уонна эйгэ сыһыаннаһыытын бэлиэтиир тиһик) олоҕурбут айымньылар ХХ үйэтээҕи саха литературатыгар дэҥҥэ көстөллөр.
Детективнэй айымньы бэйэтэ суруллар ньымалардаах, быраабылалардаах. Ол курдук манна детективнэй сюжет арылларын хааччыйар, ааҕааччыны айымньы бүтэһигэр тиийэ интэриэһиргэтэр, этэргэ дылы, «сиэтэ» сылдьар, авантюраҕа киллэрэр ньыма баһылыыр-көһүлүүр эбит. Суруйааччы дьикти дьылҕалаах геройдарын туһунан сиһилииригэр интэриэһинэй, умсугутар түбэлтэлэри таҥан суруйара кини сатабыла буолар.
Айымньыга жанровай ураты быһыытынан мүччүргэннээх сырыы, приключенческай матыып, эриллэҕэс сюжет, соһуччу арыллар фабула барыта бэлиэтэнэр. Муммут, саспыт герой киэҥ эйгэҕэ тахсыыта, арыллыыта эгэлгэ психологическай ньыма көмөтүнэн арыллар. Быһылаан хамсааһына, уларыйара «эмискэ», «соһуччу», «арай», «биирдэ өйдөөбүтэ» диэн формулаларынан сирдэтэр, айымньы авантюрнай кэмҥэ олоҕурар.
Айылҕа, тулалыыр эйгэ уларыйыытын автор герой ис эйгэтэ хамсааһынын кытта дьүөрэлии тутара айымньы психологизмын күүһүрдэр. Бу ньыма детективнай жанр эмиэ биир бэлиэтэ буоларын ааһан, саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимиттэн төрүттэнэр литературнай ньыма диир эмиэ оруннаах.
Юрист идэтэ олох үтүө, мөкү өрүттэригэр, олох, өлүү кирбиитигэр чугас буолан, дьон майгытыгар сымыйа-кырдьык дэгэтин, уйулҕа кистэлэҥин, хайааһын буолбут сылтаҕын-матыыбын таайар сатабылы илдьэ сылдьар. Онон айар үлэҕэ олус чугас идэ эбит. Онон психология араас ымпыктарын таба таайар, тайанар дьоҕурдаах юрист уус-уран үрдүк таһымнаах уобараһы айарыгар биһиги бүк эрэнэбит.
Билиҥҥи литератураҕа уһулуччу биһирэбиллээх герой суох диэн сыаналыыллар. Ол курдук уопсастыба олоҕун уларыта тутар уустук кэмҥэ тэбис-тэҥҥэ сэбиэскэй кэминээҕи литература үтүөкэннээх уобарастара: кыһыл бартыһаан, пионер оҕо, коммунист уобараһа – сүтүүлэрин кытары литератураҕа муммут кыра герой уобараһа үөскээбитэ. Ол кэннэ саха литературатыгар, нуучча да литературатыгар уопсастыба сыаннастарыгар сөп түбэспэт герой инники күөҥҥэ тахсыыта бэлиэтэнэр.
Холобура, Постников Федор Федорович-Сүөдэр Арчы «Өрүс бөрөтө» (2009) романа, Дылбаны «Харах уулаах таптал» (2009), И.И. Осипов-Уйбаан Ойуур «Аймахтар» сэһэннэринэн романа аныгы литература биир интэриэһинэй көстүтүн — омсолоох герой уобараһын арыйар. Холобура, Сүөдэр Арчы геройа Илээҥки, Уйбаан Ойуур геройдара, персонажтара.
Муммут, соҕотох, олоҕун оҥкулун булбатах киһи уобараһа нуучча билиҥҥи литературатыгар эмиэ баарын чинчийээччилэр ыйаллар. Араас үрдүк таһымнаах литературнай бириэмийэ хаһаайыннара буолбут суруйааччылар Захар Прилепин «Санькя», Андрей Рубанов «Патриот» романнарын персонажтара – халбаҥ үйэ бэрэстэбиитэллэрэ, предприниматель, хаайыылаах, бандьыыт. Биирэ – радикальнай левопатриотическай сойуус актыбыыһа Санькя, эдэр нуучча революционера. Иккиһэ – олоҕор табыллыбатах, банкрокка барбыт, айымньы тухары Донбасска баран сэриилэһэр мучумааҥҥа ылларбыт саастаах эр киһи.
Уонна бу түгэҥҥэ сыһыаран, хас да сэрэхэчийиллиэн сөптөөх түгэни ыйан ааһар сөп дии саныыбын.
Кэнники кэмҥэ нуучча литературатыгар олус сайдыбыт детектив жанрыттан арахсан, туспа хайысхаҕа кубулуйан эрэр «криминальнай чтиво», ол эбэтэр криминальнай проза үксээбитин чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Бу детективнай сюжета да суох, преступниктар биографияларын эридьиэстээһин быһыытынан суруллубут, кинилэр көҥүлгэ, хаайыыга олохторун уратытын ойуулуур айымньылар диэн этэн аһарыахха.
Бу кинигэлэр персонажтара – государствоҕа ыҥырыы бырахпыт дьон, киллердар, уголовнай авторитеттар, араас группировкалар кыттыылаахтара. Айымньылар бандьыыт олоҕун романтикалаан көрдөрөр соруктаахтар. Билигин үлэлиир үгүс-элбэх издательство рынок үйэтин ирдэбилинэн дьон хамаҕатык атыылаһарын туһанан, арааһа, атыылаһааччытын элбэтэр сыалтан, «Эксмо» издательство «Вне закона», «Аст» издательствоҕа «Обожженные зоной», «Крылов» издательствоҕа «Воровской закон» «Я – вор в законе» сериялар бэркэ тэнийэн бэчээттэнэ тураллара дьиксиннэрэр диэххэ сөп. Бу харчыны хамсатар, ааҕааччы доруобайа суох интэриэһин көбүтэр, дьиҥ литератураҕа, сэмэй саха киһитин майгытын сэһэргиэхтээх саха литературатыгар ханан да ханыыта суох таһыччы ыраах айымньылар.
Манна даҕатан, саха литературатыгар детективнэй жанр саҥа геройу арыйыан сөп диэн эрэлбитин биллэриэххэ. Оннук аныгы кэм геройа юрист-суруйааччылар айымньыларыттан үүнэн тахсар кыахтаах.
Ити аата арҕааҥҥы да, нуучча да детективыгар майгыннаабат, хаһаайкалар куукунаҕа олорон ааҕар, аралдьыйар литератураларыттан таһыччы атын, саха киһитин булчут майгытын тилиннэрэр, сонордьут, кыраҕы харахтаах, мындыр майгылаах айылҕа оҕотун үлүһүтэр интеллектуальнай жанр үөскүөҕүн эрэнэ күүтэбит. Бу үрдүк эстетикалаах литературнай жанрга сүрүн герой, сырдык идиэйэлэри өрө тутар, дьиҥнээх саха эр киһитин уобараһа, үөскээн, сириэдийэн тахсарыгар эрэнэн кэбиһиэҕиҥ. Онно бу юрист-суруйааччылар олох-өлүү уустук тиэмэтин сиһилиир, дьиҥ олохтон тыыннанан тахсыбыт айымньылара төһүү буолуохтара диэн бигэ санаалаахпыт.