Вице-премьер Юрий Трутнев IX Илиҥҥи экономическай пуорумҥа бэлэмнэниигэ бастакы мунньаҕы ыытта. Пуорум бэбиэскэтигэр баар сүрүн тиэмэлэр – сайдыыга технологиялар, транспортнай инфраструктура сайдыыта, энергетическай систиэмэ модернизацията.
«Биһиги бу пуоруму сайдыыга, кэлэр өттүгэр технологияларга аныыбыт. Биһиги оҥорон таһаарыыларбыт эбии кыахтары экономика уонна социальнай эйгэ сайдыытыгар биэрэр уонна биһиги дойдубут технологическай суверенитетын оҥорор. Уһук Илиҥҥэ көхтөөхтүк саҥа инновационнай оҥорон таһаарыылар ыытыллаллар. Уһук илиҥҥэ бизнеһи өйүүргэ дьаһаллар бааллар, нолуокка тиийэ, саҥаттан саҥа өйөбүл миэрэлэрэ ылылаллар. Ол туһунан биһиги быйылгы пуорумҥа кэпсэтиэхпит. Атын тиэмэлэр эмиэ дьүүлгэ таһаарыллыахтара, ол иһигэр транспортнай инфраструктура уонна Илиҥҥи полигону кэҥэтии, мантан дойдубут бүгүҥҥү экономиката тутулуктаах, энергетика сайдыыта уонна саҥа генерирующай күүстэри сайыннарыы», – диэтэ Юрий Трутнев.
This post was published on 23.04.2024 13:01 13:01