Юрий Трутнев Уһук Илин уокуругун эрэгийиэннэригэр туох соругу туруорда? Төһө үп-харчы көрүллүбүтүй?
Юрий Трутнев Уһук Илин олоҕо уонна экэниэмикэтэ сайдыытын боппуруостарыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕын ыытта.
Нэһилиэнньэҕэ коронавирус дьаҥыттан быһыыны оҥорууну, социальнай инфраструктураны саҥардыыны, “1000 тиэргэн” бырайыагы олоххо киллэриини Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун мунньаҕар дьүүллэстилэр. Мунньаҕы РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – УИФуо РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыытта, диэн кини пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быһыыны ылыыга Приморье, Камчатка, Хабаровскай кыраайдара, Еврейскэй автономнай уобалас хаалан иһэллэр. Юрий Трутнев Роспотребнадзорга Уһук Илиҥҥэ коронавирус дьаҥын утары охсуһуу миэрэлэрин күүһүрдэргэ эттэ. Сүрүн болҕомтону Еврейскэй автономнай уобаласка туһаайыахтара, онон боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл аппараата балаһыанньаны хонтуруолга тутуоҕа.
Экэниэмикэ үүнүүтүн кииннэрин социальнай сайдыыларын былааныгар уларытыылар торумнаммыттара. 2018-2022 сс. федеральнай бүддьүөттэн Уһук Илиҥҥэ 101,7 млрд солк. көрүллүбүтэ, ити иһигэр бу сылга тэрээһиннэри ыытыыга — 12,9 млрд. 2018 сылтан 2021 сылга диэри уокурук эрэгийиэннэрэ 593 социальнай эбийиэги үлэҕэ киллэриэхтээхтэрэ. Хайы-үйэ 512 эбийиэк тутуллубут, өссө 81 сыл бүтүөр диэри түмүктүөхтэрэ.
“Биир кэлим субсидия” нөҥүө каассаны толоруу таһыма араас: Магадан уобалаһа — 96%, Забайкалье кыраайа — 70%, “Саха сирэ — 65%. Хабаровскай, Камчатка, Приморье кыраайдарын көрдөрүүлэрэ намыһах.
Уһук илин уон эрэгийиэнигэр үбү тыырыыны көрдүлэр. Ол курдук, Бурятияҕа эбии 22,4 мөл солк. көрүллүбүт. Ону сэргэ кэккэ эбийиэктэргэ эрэгийиэн 41,8 мөл солк. кэмчилээбит. Бу үбү Кяхтаҕа 150 миэстэлээх дьыссааты, тустуу эрэгийиэннээҕи киинин тутууга, 14 нүөмэрдээх гимназияны технологическай саҥардыыга ыытыахтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ эбии 412,9 мөл солкуобайы Дьокуускайга “Квартал Труда” кластеры тэрийиигэ уонна “Полярная звезда” оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр киинин тутууга ылыаҕа.
Забайкалье кыраайыгар кэккэ эбийиэктэргэ кэмчилэммит 202 мөл тахса үбү тыырыахтара. Эбии 7 мөл солк. биэриэхтэрэ. Бу үбүнэн Читаҕа дьыссааты саҥа тэрилинэн хааччыйыахтара, Агинскайга тустуу саалатын тутуохтара, Читаҕа флюорография куорпуһун өрөмүөннүөхтэрэ уо.д. а.
Социальнай эбийиэктэри тутууга кэмчилээһин Приморьеҕа 12,1 мөл солк. тэҥнэстэ. Владивосток массыына суолларын өрөмүөннээһиҥҥэ, ууну ыраастыыр тэрили ылыыга, 600 миэстэлээх оскуоланы тутууга эбии үбү ылыаҕа. Большой Камень куорат уу турбатын саҥардыыга үбүлэниэҕэ.
Хабаровскай кыраайга хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыыга 12,3 мөл солк. биэриэхтэрэ. Комсомольск-на Амуре куоракка искэни эмтиир диспансеры, Хабаровскайга сэллиги эмтиир диспансеры тутуу болдьохторо тардыллыытын быһаарыстылар.
Амур уобалаһыгар Свободнайга ЗАГС дьиэтин тутууга көрүллүбүт үп гражданнар кэккэ категорияларын олорор дьиэнэн хааччыйыыга ыытыллыаҕа.
Магадан уобалаһыгар 38,1 мөл солк. Охотскай муора кытылын Нагаев буухтатыгар бөҕөргөтүүгэ аныахтара.
ЕАУо-ҕа 176 миэстэлээх оскуола тутуутун докумуонун оҥоруохтара.
Чукоткаҕа 84.3 мөл солк. үбү Угольные Коми бөһ. социальнай эйгэ үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыыга туһаныахтара.
“Биир кэлим субсидия” чэрчитинэн бэриллибит кэмчилэммит үбү эрэгийиэҥҥэ бэйэтигэр хаалларыахха”, — диир Юрий Трутнев.
РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков этэринэн, “Биир кэлим субсидия” нөҥүө туһаныллыбатах, эрдэ Хабаровскай уонна ЕАУо бэриллибит үбү уокурук атын эрэгийиэннэригэр бэриллиэхтээх.
Оттон “1000 тиэргэн” бырагыраамаҕа федеральнай бүддьүөттэн уокурук 11 субъегар 7 млрд солк. көрүөллүөҕэ. Маныаха төһө киһи бастайааннай олорорун учуоттуохтара.
“Бырагыраама соругунан дьон Уһук Илин федеральнай уокурукка тупсаҕайдык олорууларын хааччыйыы буолар. Маныаха бэриллибит үбүнэн тиэргэннэр, тутуулар кэмигэр тутуллуохтаахтар”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ. Вице-премьер эрэгийиэннэр баһылыктарыгар “1000 тиэргэн” бырагыраамаҕа уопсастыбаннас дьүүллэһиитин тэрийэллэригэр сорудахтаата.
Сахаговтан бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
edersaas.ru