“Аныгы усулуобуйаҕа байыаннай дьайыы – бу туох-ханнык иннинэ аныгы тиэхиньикэни уонна технологияны туһаныы. Уһук Илин тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыыга көмөлөһүүгэ көхтөөхтүк кытталлар. Биһиги саҥа “Патриотическая” ТОР тэрийдибит. Бу көмөтүнэн саҥаны оҥорон таһаараллар. Ол курдук, пилота суох көтөр аппарааттары, вездеходтары, туһаайар комплекстары, ууну ыраастыыр тэриллэри уонна мэдиссиинэ препараттарын – бу биһиги байыастарбытыгар судаарыстыба интэриэһин туруулаһалларыгар көмөлөһөр”, — диэтэ Юрий Трутнев.
Сэби-сэбиргэли уонна таҥаһы-сабы Илиҥҥи байыаннай уокурук подразделениеларыгар Донбасска сылдьар хомуурга ыҥырыллыбыттар, баҕа өттүлэринэн барбыт байыаннай сулууспалаахтар ыллылар.
Байыастар ыллылар: бөдөҥ калибрдаах снайперскай комплекстары, араадьыйа разведкатын сириэстибэлэрин, кэтээн көрүү тепловизионнай тиһигин, түүн көрөр прибордары уо.д.а. “Сахафильтр” ХЭТ диэн Саха сирин хампаанньатын байыаннай чаастарга ууну ыраастыыр мобильнай блок-прицеп уонна байыаннайдарга уонна гражданскай усулуобуйаҕа анаммыт “Байкал” ууну ыраастыыр көһөрүллэ сылдьар систиэмэ. Бу ууну ыраастыыр систиэмэ ыраас уунан сууккаҕа 100 киһини ыраас уунан хааччыйар. Инники кирбиигэ хааны тохтотор Биробиджаҥҥа оҥоһуллубут турникеттары ыыттылар. Тырааныспары эмиэ тиэртилэр. Байыаннайдарга УАЗ массыынаны уонна “Ерофей” туохтан да иҥнибэт вездеходу илдьэн биэрдилэр. Бу тэрили Хабаровскайдааҕы “Сониктранс” тэрилтэ оҥорор. Тустаах тиэхиньикэ инники кирбиигэ бэйэтин үчүгэйдик көрдөрдө.
Ону тэҥэ Юрий Трутнев Донецкайга сырыытын кэмигэр “Каскад” ДНР суһал-бойобуой тактическай тэриллиитин уонна “”Союз” бойобуой искусстволар Арассыыйатааҕы сойуустарын баҕа өттүнэн тэриллибит этэрээттэрин кытта көрүстэ, суруйда Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 05.07.2024 10:22 10:22