Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ бэрэсэдьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сырытта. Вице-премьер региону салгыы сайыннарыыга, энергиянан хааччыйыыга, халаан уутун содулларын туоратыыга уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга кэккэ сүбэлэри ыытта. Ону таһынан, Трутнев предпринимателлэри уонна инновационнай бырайыактары оҥорооччулары кытта көрүстэ. Премьер-миниистир кэлэ сылдьыытын сүрүн түмүктэрин СИА муста.
Саха сирэ — креативнай технологиялары сайыннарыы лидерэ
Юрий Трутнев «Сколково» пуондата ыытар Startup Tour CreativeTECH — 2023 Уһук Илиҥҥи түһүмэҕин арыйыыга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сырытта. Вице-премьер онно аныгы балаакка, камуфляжнай экипировка, байыаннайдарга мобильнай оһох уонна да атын инновационнай бырайыактар быыстапкаларын көрдө. Трутнев Саха сирэ креативнай технологиялары сайыннарыыга Уһук Илиҥҥи уокурукка ИТ- өҥөнү экспортааһыҥҥа 85 % хааччыйар, бу салааны коммерческай өттүнэн ситиһиилээх оҥорор диэн иһитиннэрдэ.
«Саха сирэ креативнай технологиялары сайыннарыыга эрэллээхтик лидердээн иһэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытта кэпсэттибит, Саха сирин валовай региональнай бородууктатын кээмэйэ эмиэ быйыл бастакы миэстэни ылыа дии саныыбын. Билигин «сайдыы» диэн тыл биһиэхэ ураты суолталаах. Технологиялар төһө сайдыылаахатарыттан анал байыаннай операция зонатыгар сылдьар эр дьоммут олохторо тутулуктаах. Мин эһиги кинилэргэ көмөлөһүөххүтүн баҕарабын, оттон биһиги эһиэхэ көмөлөһүөхпүт», — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.
Ону сэргэ, полпред «ЯКТ Сокол» хампаанньа үлэтин үрдүктүк сыаналаата. Саха дьоно анал байыаннай операцияны ыытар зонаҕа бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрбүт квадроцикллары оҥороллор. Билиҥҥи усулуобуйаҕа наадалаах тиэхиникэни сайыннарыыны, суолталаах бородууксуйаны улаатыннарыыны өйүүргэ сорудахтаата.
Саха сиригэр барыта 60 инвестиционнай бырайыак олоххо киирэр, оттон инвестиция уопсай кээмэйэ 130 миллиартан тахса солкуобай. Былаастар нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарар суолталаах бырайыактары салгыы да өйүүр санаалаахтар.
Халаан уутугар уонна ойуур баһаарыгар бэлэм буолуу таһыма
Юрий Трутнев регион халаан уутугар уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонугар регион төһө бэлэмин сыаналаата, уонна сэрэтэр дьаһаллар бары толоруллубуттарын бэлиэтээтэ. «Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан дойду да, Уһук Илин да үрдүнэн халаан уутун уонна баһаардары утары охсуһууга икки төгүл элбэх үп көрүлүннэ», — диэтэ полпред.
Саха сиригэр халаан уута ыарахан содулу аҕалыа диэн сабаҕаланар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ууну утары сэрэтэр дьаһалларга быйыл 40 мөлүйүөн солкуобай ыыттылар.
Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх кэм ыам ыйын иккис-үһүс декадатыттан саҕаланыаҕа. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 21 мөл. киһи. гектар сир хонтуруол зонаттан көрүү-истии зонатыгар көстө, билигин манна 182,9 мөл. га сир баар. Федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үп кээмэйэ былырыыҥҥы курдук 1,6 млрд солкуобайынан хаалла, бу суумма 2024 сылга үрдүүрэ былааннанар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 70 мөл. элбэх көрүллэн-990 мөл. солк. буолла.
Баһаарынайдар оперативностарын үрдэтэргэ уонна баһаардары умуруорар туһугар «Авиалесоохрана» региональнай салаатын 150 сезоннай үлэһиттэрэ бастайааннайга көстүлэр, ойууру харабыллыыр дьон ахсаана 84 киһинэн элбээтэ. Кэлэр сезоҥҥа ойууру баһаарынайдарын ахсаана 1203 киһиттэн турар буолуоҕа.
Ону сэргэ, 4,5 тыһыынча км-нан авиационнай маршруттар улаатттылар, билигин 20,8 тыһыынча км. буолла. Сири патруллааһын маршрута быйыл 8,5 тыһыынча км. буолла, былырыыҥҥыттан биир тыһыынча км. элбээтэ. Федеральнай авиабазалар парашютнай-десантнай сулууспаларыттан сыл аайы 800-кэ киһи кэлэн үлэлиир, быйыл эмиэ кэлэллэрэ быланнанар.
Энергиянан хааччыйыы тиһигэр саахаллары аҕыйатыыга саҥа бырагыраамалар
Саха сиригэр кыһыҥҥы сезон түмүгүнэн уот ситимигэр авария элбээбитэ бэлиэтэнэр. Юрий Трутнев эппитинэн, тыйыс усулуобуйалаах региоҥҥа уот ситимигэр саахал тахсара адьас табыллыбат.
«РусГидро уонна Россеть хампаанньалар энергиянан хааччыйыыга үлэлииллэр, эрэллээх буолууну үрдэтиигэ туһуламмыт бырагыраамалары бэлэмнииллэр. Кинилэри түргэнник олоххо киллэрэр туһугар хампаанньалар салайааччыларын үлэлэрин сыанаалааһыны хамнастарыгар киллэриэхпит. Бары бырагыраамалар быйыл олоххо киирдэхтэринэ, эһиил уот ситимигэр саахал тахсара аҕыйыа этэ»,-диэн вице-премьер иһитиннэрдэ.
Энергиянан хааччыйар хампаанньалар оттук сезона саҕаланыар диэри үлэлии турар энергетическэй кыамталары өрөмүөннүөхтээхтэр, оччоҕо авария тахсара аччыаҕа.
Дьокуускайга саҥа эбийиэктэр, кыбартааллар уонна научнай-үөрэх кииннэрэ тутуллуохтара
Бүтэһик түһүмэххэ Дьокуускай куорат маастар-былаана таҕыста, бу былаан быһыытынан Өлүөнэ муостата уонна да атын тутаах инфраструктурнай эбийиэктэр тутуллуохтаахтар.
Дьокуускай Уһук Илин уокурук куораттарын олохтоохторун ахсаанынан үһүс миэстэҕэ турара бэлиэтэннэ. 2030 сылга нэһилиэнньэ ахсаана 14% -нан элбээн 418 тыһыынча киһиэхэ тиийэрэ күүтүллэр, ол аата инфраструктураҕа тустаах ноҕоруусканы тэрийэр.
Итинэн сибээстээн, олорор дьиэ территориятын кэлимник сайыннарыы бырайыактара, ол иһигэр саҥа «Спортивный», «Звёздный», «Ленские столбы» диэн өрүс пордун оройуонугар микрооройуоннары, спортивнай-чэбдигирдэр комплекстары уонна куорат сирдэрин тупсарыыга бырайыактары көрдүлэр.
Маннык кыаҕы Дьокуускай куоракка үлэлиир ТОР инвестиционнай былассаакката биэриэҕэ, ону улаатыннаран кластер оҥоруохха наада. Уопсайынан, Уһук Илиҥҥи уокурук резиденнэрин өйөөһүҥҥэ судаарыстыба 10 миллиард солкуобайтан тахса үбү көрүөхтээх.
Өссө биир хайысханан Дьокуускай куорат аттынааҕы тыа хаһаайыстыбатын секторын сайыннарыы буолуоҕа. ООО «Саюри» тэрилтэҕэ эбии төрдүс тэпилииссэни тутарга көмөлөһүөхтэрэ, Хатаска баар сүөһүлэри өлөртүүр сыахха роботизированнай үлэни олоххо киллэриэхтэрэ.
Куорат инникитин аан дойду научнай чинчийиитин киинин быһыытынан көрүллэр. Маныаха сүрүн бырайыагынан НОЦ «Север», норуоттар икки ардыларынааҕы орто профессиональнай үөрэхтээһин производственнай комплексын тутуу, биотехнопарканы оҥоруу, аан дойдутааҕы мамонт киинин сайыннарыы буолар.
Саха сирин соҕрууҥу киинин сайыннарыы
Вице-премьер — РФ бэрэсэдьиэнин полпреда Нерюнгрига оройуон маастар-былаанын бэлэмниир сүбэ мунньаҕын ыытта. Олохтоохторго ыытыллыбыт опрос түмүгүнэн үс сүрүн кыһалҕа бэлиэтэннэ — суол туруга, медицинскэй өҥөнү оҥоруу намыһах хаачыстыбата уонна дьиэлэр усулуобуйаларын тупсарыы. Трутнев маастар-былаан үрдүк бэлэмнээҕин бэлиэтээтэ эрээри, син биир ситэрэн биэриэххэ наада. Ол иһигэр, бу Нерюнгритааҕы ГРЭС тэрилтэтин гаастааһын уонна айылҕаҕа сынньанар сирдэри сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостары.
Маны сэргэ, Юрий Трутнев көмөтүнэн оройуоҥҥа бэрэсэдьиэн «Биир ньыгыл субсидиятынан» үс эбийиэги өрөмүөннээһин уонна саҥардыы ыытыллыаҕа.
Маны таһынан, полпред Нерюнгри сайдыытыгар «Колмар» бырайыактара усулуобуйа тэрийэллэрин бэлиэтээтэ. Хампаанньа «Инаглинскай» уонна «Денисовскай» хайа-байытар комплекс тутуутун түмүктээтэ. Комплекстарга 75 млрд. тахса солкуобай инвестицияламмыта, 5,7 тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. Полпред кыһалҕалаах боппуруостары уонна кини хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ ону хайдах быһаарар былааннаахтарын көрдө, уонна «Колмар» хампаанньа бырайыактара болҕомтото суох хаалыахтара суоҕа», диэн бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, саҥа үлэ миэстэтэ тахсан нэһилиэнньэ оройуонтан көһүүтүн тохтотто.
This post was published on 18.04.2023 15:05 15:05