Уһук Илиҥҥэ Россия президиэнин боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев Дьокуускай куоракка үлэлиир. Кини Саха сиригэр дьоҕус уонна орто предпринимательствоны өйүүргэ ылылыбыт миэрэлэри сөптөөҕүнэн аахта. Кини нолуокка чэпчэтии бюджет дохуота улаатарыгар тириэрдэрин бэлиэтээтэ, суруйар СИА.
Кулун тутар 24 күнүгэр Юрий Трутнев уонна Ил Дархан Айсен Николаев региоҥҥа аһынан-үөлүнэн хааччыллыыга уонна предпринимателлэри өйөөһүҥҥэ мунньах ыыттылар. Салайааччы ылыллар миэрэлэри сөптөөҕүнэн аахта.
«Айсен Сергеевич кэмигэр сөптөөх быһаарыылары ылбыт. Бюджет дохуота түһүөн сөбүн туһунан этиитин кытта мин мөккүһүөхпүн сөп. Тоҕо диэтэххэ, нолуогу кыччатыы хайаан да бюджет дохуотун түһэрбэт. Биһиги маннык дьаһалы Россияҕа бастакынан эксперименнээбиппит. Онно көстөрүнэн, нолуогу чэпчэттэххэ, бюджекка киирии эбиллэр. Манна норуоттар ардыларынааҕы чинчийии эмиэ баар, онон быһаарыыгыт сөптөөх диэн сыаналыыбын. Итинник гыныахха наада», — диэтэ кини.
This post was published on 25.03.2022 09:48 09:48