Юрий Трутнев: премьер-миниистири сахалар IT-оҥорон таһаарыылара интэриэһиргэттэ

Михаил Мишустин Дьокуускайга кэлэ сылдьыытын сүрүн хайысхаларынан айылҕа оҥорбут содулларын кытта охсуһуу уонна саха ураты IT-оҥорон таһаарыыларын кытары билсиһии буолла. Премьер-миниистир сырыытын түмүктэрин РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ, Уһук Илин уокурук полпреда Юрий Трутнев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

РФ премьерэ Юрий Трутнев этэринэн,  премьер-миниистир Дьокуускайга IT-пааркаҕа сылдьан үтүө өйдөбүллээх хаалбыт.

«Кини бырабыыталыстыбаттан аныгы технологиялары туттууну, цифровизацияҕа көһүүнү мэлдьи ирдиир. Саха сирин IT- пааркатыгар цифровизация араас салааларга хайдах буола турарын көрдүбүт. Интэриэһи доруобуйа харыстабылын, дойду киинэлэрин прокаттарын кытта сибээстээх хас да бырайыактар көбүттүлэр. Ханнык бырайыагы өйүүрбүтүн өссө көрүөхпүт, тоҕо диэтэххэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ — тугу оҥоруохха уонна ханна хамсыахха наада диэн ыйытыыларга хоруйдуур гына чопчу соруктары туруорда », — диэтэ Трутнев.

Салгыы улахан суолталаах пуунунан ЧС содулларын туоратыы уонна тохтотуу туһунан мунньах буолла.

This post was published on 17.08.2022 12:03 12:03