Дьокуускай маастар-былаана, ол иһигэр Өлүөнэ муостатын уонна социальнай эбийиэктэр тутуулара, үрдүк бэлэмнээхтэр. Ол туһунан бэнидиэнньиккэ брифиҥҥэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ президиэнин Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эттэ.
«Уһук илин куораттарын маастар-былааннарыгар үлэ Россия президиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Бу дьон олоҕун усулуобуйатын тупсарыыга саҥаны киллэриигэ уникальнай шанс. Дьокуускай маастар-былаана үрдүк бэлэмнээх. Сорох деталлары Айсен Сергеевичтыын кэпсэппиппит. Барыта ситэриллэн иһиэ дии саныыбын», — диэтэ Юрий Трутнев, Дьокуускайга буолбут мунньах кэнниттэн.
Айсен Николаев эппитинэн, маастар-былаан араас бырайыагы хабар, социальнай инфраструктураттан саҕалаан, Өлүөнэ муостатыгар тиийэ. «Бу генбылаан эрэ буолбатах, социальнай, экономическай, демографическай сайдыы, үлэ кыаҕа буолар. Онон дириҥ суолталаахтык оҥоһуллубут. Саамай сүрүнэ, бу былаан туолар кыахтаах, тоҕо диэтэххэ, куорат, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин курдук, сайдыытыгар динамиката үрдүк», — диэтэ кини.
This post was published on 11.04.2023 10:02 10:02