АЛРОСА акцияларын сорох чааһын приватизациялааһын туһунан боппуруоһу федеральнай киин таһымыгар ырытыахтара. Ол туһунан олунньу 10 күнүгэр РФ вице-премьерэ — РФ президенин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев суруналыыстарга эппитэ.
«Дойду салалтатыгар чопчу уонна сөптөөх быһаарыылары этии быһыытынан киллэриэххэ наада. Бөдөҥ хампаанньаҕа сыһыаннаах быһаарыылар хаһан баҕарар үтүө да, мөкү да өрүттээх буолааччылар. Уопсайынан, маныаха мин уонна Саха сирин салалтатын санааларбыт майгыннаһаллар», —диэтэ Юрий Трутнев.
Билигин хампаанньа акцияларын хаһан уонна төһөтүн атыылыыбыт диэн ыйытык сытыытык турар.
Олунньу ый саҥатыгар РФ президенин уонна бырабыыталыстыбатын таһымнарыгар «Роснефть», «Аэрофлот», «Башнефть», АЛРОСА курдук бөдөҥ тэрилтэлэр госпакеттарын сорох чаастарын приватизациялааһын туһунан ырыппыттара.
РФ экономикаҕа сайдыытын миниистирэ Алексей Улюкаев: «Ырыынакка сыаналара олохтоммут, ол иһин юридическай да, техническэй да өттүнэн бэлэм, инвестордарга биллэр хампаанньалар туох-ханнык иннинэ приватизацияланыахтара», — диэн этэн турардаах.
Росимущество билигин АЛРОСА акцияларын 43,9% дьаһайар, Саха сирэ 25% + 1 хонтуруоллуур. Итини таһынан 8% акция өрөспүүбүлүкэ алмаастаах улуустарыгар, 23% атын юридическай уонна физическэй сирэйдэр бас билиилэригэр бааллар.
This post was published on 12.02.2016 15:23 15:23