Юрий Куприянов: Өбүгэттэн бэриллибит баайбытын Олоҥхону уонна Ыһыаҕы үүнэр көлүөнэлэргэ чөл хаалларыахтаахпыт

Ыһыах уонна култуура сыһыаннаһыыларын суолтатын туһунан СИА-ҕа Россия предиденин иһинэн үлэлиир Саха сирин сис бэрэстэбиитэлэ Юрий Куприянов кэпсээтэ. Билигин кини Бүлүү куоракка Олоҥхо Ыһыаҕар кыттыыны ылар. 


Санатар эбит буоллахха, сэрэдэ күн Бүлүү оройуонун Хомустаах сиригэр-уотугар 11-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа саҕаламмыта.

«Олоҥхо уонна Ыһыах — биһиги баайбыт. Кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар бу сүдү чыпчаалбытын чөл туруктаах тириэрдиэхтээхпит. Олоҥхо ыһыаҕын ыытар улуус Санкт-Петербургка буолар национальнай бырааһынньыкка Саха сирин көрдөрүөхтээх«, — диэтэ Юрий Куприянов.

Кини этэринэн, саха норуотун култууратын уонна үгэстэрин элбэх киһи билэрин курдук үлэ барыахтаах: «Москва олохтоохторун биһиги сиэрбит-туоммут, национальнай көстүүмнэрбит олус умсугуталлар«.

This post was published on 29.06.2017 15:00 15:00