Бэҕэһээ, бэс ыйын 29 күнүгэр, РСФСР уонна САССР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн болкулуор уонна култуура хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Майа улуустарын Ытык Киһитэ Юрий Егорович Платонов ыараханнык ыалдьан күн сириттэн күрэннэ.
Юрий Егорович 1941 с. бэс ыйын 18 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1965-1967 сс. Римскэй-Корсаков аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа үөрэммитэ. 1968 с. Эстрада ускуустубатын Бүтүн Арассыыйатааҕы айар мастарыскыайын (Москуба) бүтэрбитэ. Эстрада эйгэтигэр ырыаһыт быһыытынан айар үлэтэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай муусука-дыраама тыйаатырыгар 1967 с. саҕаламмыта.
“Якутская эстрада – 72”, “Чолбон”, “Радуга”, “Сияние Севера”, “Мелодии Севера” бөлөхтөрү кытта бииргэ үлэлээбитэ, тэрийсибитэ. “Якутская эстрада – 72” бөлөххө дьарыктаабыт дьонуттан Саха сиригэр биллэр-көстөр артыыстар үүнэн тахсыбыттара: Марфа Колесова-Расторгуева, Сергей Расторгуев, Владимир Заболоцкай, Федор Колосов уо.д.а.
«1990 с. Эстрада уонна сыырка ускуустубатын өрөспүүбүлүкэтээҕи айар мастарыскыайын арыйбыта. 1996 с. Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин кытта дуогабардаһан, Саха тылын уонна култууратын кыһатын иһинэн (билигин — Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ) Эстрада ырыаһыта диэн анал идэлээхтэри бэлэмнээбитэ. Манна үөрэммиттэрэ: Клавдия уонна Герман Хатылаевтар, Сахая уонна Александр Бурнашовтар, Чыскыырай, Варя Аманатова, Ангелина Файрушина, Уруйдаана Харитонова, Тамара Попова, Ырыа Саарын, Мирослав Егоров, Николай Андросов, Лэгэнтэй, Сиэйэ Уола, Кылаан Кындыл, Кыталы Куо о.д.а.«, — диэн суруйар Хабырыыл Торотуойап.
This post was published on 30.06.2020 12:01 12:01