"Юность Севера" оҕо хаһыата саҥа көрүҥнэннэ

«Юность Севера» диэн оҕо хаһыата саҥа көрүҥнэннэ. Элбэх лиистээх, өҥнөөх, икки тыллаах, сурунаал быһыылаах хаһыат ыйга биирдэ тахсар буолуо.


Урут хаһыат 16 балаһанан, нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар этэ. Былырыын хаһыат кумааҕыта, тас көрүҥэ уларыйбыт. Бу сыл саҥатыгар хаһыат аата уларыйан, «Юность Севера: Arctic ideas» диэн нууччалыы-аангылыйа тылынан тэҥинэн тахсар буолбут.

Сурунаал научнай-популярнай хайысханы тутуһар. «Наука тулалыыр эйгэни билиигэ бастыҥ ньыма буолар», дииллэр «Кэскил» оҕо издательствотыгар.

This post was published on 20.05.2021 11:02 11:02