ЮНЕСКО шедеврдарын бэстибээлэ Саха сиригэр саҕаланна

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн «Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо» IV норуоттар ардыларынааҕы бэстибээл саҕаланна. Бэс ыйын 21 — 26 күннэригэр ыытыллар, суруйар СИА.

Саха АССР 100 сылыгар, Россияҕа култуурунай нэһилиэстибэ сылыгар тэрээһин ананар.

Лекциялар, маастар-кылаастар, айар көрсүһүүлэр уонна лабораториялар ыытыллаллар. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэстибээл кыттыылаахтарын кэнсиэрэ буолуоҕа.

Сорох дьаһаллара Дьокуускайга барыахтара.

Сиһилии бырагырааманы манна көрүҥ «Афиша ЯСИА».

This post was published on 20.06.2022 15:01 15:01