Ил Дархан ыйааҕынан 2017 сыл Ыччат сылынан биллэриллиэхтээх. Бу туһунан Егор Борисов ыччат съеһин кэмигэр иһитиннэрбитэ. Онон кэлэр сыл эдэр дьоҥҥо уонна ыччаты кытары үлэлээччилэргэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа.
Манна туһаайан «Юнармия» бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай түмсүү Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Анатолий Храмов: «Билиҥҥи олохпут тэтимнээхтик сайда турар. Эдэрдии эрчимнээх, сахалыы сайаҕас санаалаах ыччат билиҥҥи олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр. Билигин былаас өттүттэн ыччат көҕүлээһиннэрин өйүүр тирэх наада. Үлэтэ суох сылдьар ыччат элбэх. Эдэр исписэлиистэр, оннооҕор үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр идэлэринэн сатаан үлэ булбакка сылдьаллар. Маннык харгыстары, күчүмэҕэйдэри туоратарга анал сокуон ылынан, хас биирдии тэрилтэҕэ эдэр дьон үлэлиирин ситиһиллиэхтээх. Эдэр киһи бэйэтин кыаҕын туһанан сөбүлүүр хайысхатынан үлэ булуо этэ«, — диэн санаатын үллэһиннэ. «Юнармия» түмсүү патриотическай хайысхалаах. Онон кэлэр сылтан үгүһү, элбэҕи кэтэһэллэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
2017 сыл Ыччат сылынан биллэриллэн, эдэрдэри үлэҕэ, үөрэххэ сыһыарыыга тус сыаллаах үлэ ыытыллыа.