Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан – Сылгыһыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Быйыл биһиги бу бырааһынньыгы өрөспүүбүлүкэбитигэр иккис төгүлүн бэлиэтиибит.
Саха сиригэр сылгыны үөрдээн иитии күүскэ сайдар кыахтаах. Өрөспүүбүлүкэбит сылгы ахсаанынан дойду үрдүнэн бастакы миэстэлээх. Бүгүн бу салааҕа Саха сиригэр 1739 сылгыһыт үлэлиир-хамныыр, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, сылгы ахсаана 183 889 буолла. Бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1,3%-нан элбэх.
Эһиги билэргит курдук, сылгыны иитиини сайыннарарга анаан 2016 сыл атырдьах ыйыгар “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар дьаһаллар тустарынан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа тахсыбыта. Бу докумуон соруктарын толорорго туох оҥоһулунна? Бастатан туран, кыттыгас үбүлээһин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын суотугар сылгыны иитэр базалары тутуу барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 1 мөлүйүөн солкуобайтан итэҕэһэ суох кээмэйдээх өйөбүлү сылгыны иитэр 100 хаһаайыстыба ылла.
Сылгы хаанын тупсарыыга үлэни ыыппатахха, үөрдээн иитиини кыайан сайыннарбаккын. Ол иһин саха сылгытын боруодатын уонна көрүҥүн тэнитэр-ууһатар сылгы собуоттарыгар ураты усулуобуйалары тэрийиэхпит. Итинэн ситимнээн саха сылгытын бастыҥ боруодатын салгыы сайыннарар инниттэн биэлэри көрөргө-харайарга судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү тэрийии былааннанар. Ону сэргэ, атыыр сылгыны 3 сааһыгар диэри иитэргэ субсидия көрүлүннэ.
Биир саамай наадалаах хайысханан сылгыны иитиигэ каадыры – сылгыһыттары бэлэмнээһин буолар. Ол курдук, 2017 сылга Хаҥалас улууһугар “Бөртө сылгы собуота”– өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһаайыстыбатын базатыгар сылгыны үөрдээн иитиигэ каадыры бэлэмниир, үөрэтэр уонна идэтин таһымын үрдэтэр киини арыйдыбыт. Быйыл итинник үөрэтэр кииннэри өссө Өймөкөөн улууһун “Тонор” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин базатыгар уонна Бүлүү бөлөх улуустарга анаан Ньурба улууһун “Чаппанда” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин базатыгар арыйыахпыт.
Саха норуотугар – сылгыны иитии үгэс буолбут үлэ көрүҥэ эрэ буолбатах, бу – үйэлэри уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит биһиги култуурабыт, олохпут-дьаһахпыт сүнньэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу салааны сайыннарар дьоһун үлэ эһиэхэ, сылгыһыттарга, сүктэриллэр. Эһиги – тыа сирин биир тутаах үлэһиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ ытыктанар дьоно буолаҕыт. Саха сирин дьонун-сэргэтин олохторун уйгута, өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта эһиги сыралаах, кыһамньылаах үлэҕититтэн, эппиэтинэстээх сыһыаҥҥытыттан быһаччы тутулуктаах.
Эһиэхэ ситиһиилээх үлэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, олоххутугар бары үтүөнү, дьолу-соргуну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов
This post was published on 21.03.2018 10:27 10:27