Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиир!
Саха АССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Декларация Саха сирин Россия Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Төрүт сокуонун оҥорууга, аныгы Федеративнай судаарыстыбаннас оҥкулун уурбут федеративнай сөбүлэһиини түһэрсиигэ төрүөт буолбута. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы сүрүн хайысхаларын бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта.
Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһа олохтонуутугар олук уурбут дьоммут – Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна да атыттар ааттарын махталынан ааттыыбыт. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьиэтин иннигэр ХIХ үйэ бүтүүтүгэр – ХХ үйэ саҕаланыытыгар Саха сирин норуоттарын уопсастыбаннай-политическай өйүн-санаатын уһугуннарарга, үөрэҕи-билиини тарҕатарга, норуоттар тэҥ бырааптаныыларын, бэйэлэрин салайынар уонна судаарыстыбаннастаах буолууларын ситиһэргэ, демократическай уларыйыылары киллэрэргэ туһуламмыт либеральнай-демократическай хамсааһын лидерэ Василий Васильевич Никифоровка-Күлүмнүүргэ мэҥэ бэлиэ — пааматынньык туруоҕа.
Билиҥҥи кэмҥэ Россия судаарыстыбаннаһын сайдыыта федеративнай сыһыаннаһыылары бөҕөргөтүүгэ, демократическай уонна парламентскай институттары салгыы үөскэтиигэ уонна сайыннарыыга олоҕурар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ уонна парламентаризм институттара сүһүөхтэригэр тураннар, регион уонна дойду уопсастыбыннай-политическай уонна судаарыстыбаннай эргимтэлэригэр бигэтик киирэллэригэр утумнаах үлэ тохтообокко ыытыллар.
Ытыктабыллаах Саха сирин бар дьоно!
Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн туругу, айымньылаах үлэни, үөрэҕи, ситиһиилэри,этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ