Ытык Күөл килбэйэр киинигэр турар «Чуораанчык» оҕо уһуйааныгар 2016 сыл муус устар 27 күнүгэр, Судаарыстыбаннас күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, историческай бэлиэ күн тосхойбута. Бу күн 1961 сыллаахха тутуллубут, хас да көлүөнэ оҕо-аймах иитиллэн тахсыбыт төрүт кыһатын оннугар саҥа оҕо саада тутуллар үөрүүлээх малааһына – акылаат түһэриитэ буолбута.
Быйыл күһүн, былаан быһыытынан, икки мэндиэмэннээх 140 миэстэлээх оҕо уһуйаана аанын тэлэччи аһан, кырачаан уһуйуллааччыларыгар үтүө күн түстэниэхтээҕэ. «Ол эрээри» диирбитигэр тиийэбит, тутуу хаамыытын чыпчаалыттан көрдөххө, олох бытархай үлэлэр хаалбыттарын кэннэ тутаачччылар атырдьах ыйын ортотугар, этэргэ дылы үлэ хаамыытыгар кэппит таҥастарын-саптарын хаалларан, күнүскү аһылыкка барбыт курдук тахсан барбыттара… Үп-харчы суох – тутуу суох.
«Чуораанчык» оҕо уһуйаанын салайааччыта Галина Пантелеймоновна Готовцева икки уот икки ардыгар сылдьар курдук. Ол үп-харчы эккирэтиитин быыһыгар саҥа тутуллар эбийиэк ситэри бүппэккэ, сүрүн хаһаайына, көрүүтэ-истиитэ суох турарыттан буолла. Дьиҥэр сүрүн хаһаайын «Чуораанчык», ол эрээри сокуонунан тутуу бүттэҕинэ, күлүүһүн туттаҕына эрэ эбийиэккэ толору бырааптаах буолар. Онон билигин тутааччылара суох улахан дьиэ сир уонна халлаан икки ардыгар турар. Талбыт киһи киирэн көрүөн, кыыбаҕата киирдэҕинэ тутуу матырыйаалыттан да «бэриһиннэриэн» сөп курдук.
— Дьиҥэр уһуйааммыт тутуута олох кыраттан иҥнэн турар, — диэн кэпсиир Галина Пантелеймоновна. – Билигин ас таһаарар лифт уонна кафель тэлгээһинин сорох өттө хаалан турар. Уот-күөс, ититии өттө барыта тардыллан бэлэм турар. Бу сайын уруһуйга дьоҕурдаах түөрт үлэһити биэрэн көмөлөһүннэрдим. Уоппускаларын кэмигэр супту үлэлээтилэр. Икки мэндиэмэннээх дьиэ эркинин сыылла сылдьан, сытан эрэ эт илиилэринэн киистэнэн барытын уруһуйдаатылар. Дьиэбит тас олбуорун араас өҥүнэн кырааскалаан көмөлөстүбүт. Тугу ирдииллэр даҕаны барытын төһө кыайарбытынан көмөлөһө олоробут. Бу 2015 сыл күһүнүттэн уһуйааммыт икки сиринэн тарҕаһан үлэлии олорор. Манна, лицей хаһаайыстыбаннай дьиэтигэр саамай элбэх оҕо сылдьар, иккиспит чааһынай тэрилтэ дьиэтин арендаҕа ылан олоробут. Көрөрүн курдук оҕо уһуйааныгар олох сөбө суох дьиэ. Физкультура, араас утренниктарбыт — барыта бу көрүдүөргэ ыытыллаллар. Быйыл миэстэ суох буолан эбии набор оҥорботубут, эбиитин дьиэбит-уоппут кыараҕаһыттан биир бөлөх оҕолоро дьиэлэригэр күһэллэн олороллор, — диир.
Саҥа оҕо уһуйааныгар киирэр аантан саҕалаан барыта бетонунан, араас өҥнөөх билииткэлэринэн тэлгэтиллибиттэр. Арай оҕо былаһаакката баар буолуохтаах сирэ аһаҕас турар. Галина Пантелеймоновна этэринэн, билигин сылаас эрдэҕинэ оҕо былаһаакката туруохтаах сиригэр бетон үлэтэ бүтэн-оһон оонньуур оҥоһуктара, сыырдара, хачыаллара, спортивнай турникеттара кэлэн таҥыллыахтаах эбиттэр. Маны таһынан септик дьаамата уунан туолбутун хачайдаан ыраастыахтаахтар. Уһуйаан саҥа миэбэллэрэ, анал оборудованиелара сорох өттө атыылаһыллан бэлэм тураллар диэн миэхэ бэдэрээтчит И.М.Черемкин этэн турар диир. «Онон кыраттан иҥнэн турабыт. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А.Стручков кэлэн уһуйааны көрөр, онно туруорсарым биир – оҕо уһуйаанын тутуутун бу күннэргэ бүтэртэрии», — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр.
А.А.Стручков: «Ыарахан, ол эрээри тутууну ситэриэхпит»
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр улууска «Чуораанчык» уһуйаан тутуутун хаамыыта бытаарбытын миэстэтигэр көрөөрү СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А.Стручков уонна туһааннаах министиэристибэлэртэн, «Алмаасэргиэнбаантан» бүтүн делегация кэлэн көрөн, үөрэтэн бардылар.
Саҥа тутуллар уһуйаан иннигэр улуус салалтатын, үөрэх управлениетын уонна уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, уопсастыбаннас кэлэн көхтөөх кыттыыны ылан, сытыы кыһалҕаларын эттилэр, туруорсуу суруктарын туттардылар.
«Хотугу дьиэ» ХЭУо салайааччыта И.М.Черемкин тутуу кыраттан иҥнэн турарын, өскөтүн 8,5 мөл. солк. эбии көрүлүннэҕинэ ис өттүнээҕи үлэтин ситэриэхпит, оборудование сорох өттүн атыылаһыахпыт диэтэ. Билигин иһинээҕи үлэҕэ 12 үлэһит үлэлиирин туһунан эттэ. Бу тэрилтэ Төлөйгө, Төҥүлүгэ уонна Ытык Күөлгэ уһуйааннары тутар эбиттэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А.Стручков тутулла турар уһуйааны көрөн-истэн баран, төрөппүттэри кытта аһаҕас кэпсэтиигэ кытынна. Онно кини эппитинэн, бу уһуйаан тутуутугар 187 мөл. солк. толору бэриллибитин, былаан быһыытынан 2017 сылга үлэҕэ киириэхтээҕэ диэн иһитиннэрдэ. «Көрүллүбүт харчы ханна барбытын билбэппит», — диэтэ. Салгыы кини: «Бу уһуйаан чааһынай-государственнай кыттыгас тутуу быһыытынан ыытыллар. Билигин «Алмаасэргиэнбааны» кытта кэпсэтэн, бэдэрээччиккэ 10 мөл. солк. эбии көрдөрдөхпүтүнэ аны балтараа эбэтэр икки ыйынан үлэҕэ киириэҕэ. Мин көрдөхпүнэ тутуу 90% ыытыллыбыт. Билигин үөрэх управлениета уһуйааҥҥа сылдьыахтаах эрээри миэстэтэ суох оҕолору оҕо саадынан хааччыйарга үлэлэһиэхтээх», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Улуус баһылыга М.М.Соров мустубут дьоҥҥо туһаайан, өрөспүүбүлүкэ үбүн-харчытын дьаһайар, баан эйгэтин хайысхатын салайар Алексей Александрович бэйэтинэн кэлэн тутууну көрбүтэ улахан эрэли үөскэтэрин эттэ. Дьокуускай куораттан кэлбит делегацияҕа нэһилиэк төрөппүттэрэ ордук балаҕан ыйын 1 күнүттэн уустук балаһыанньаҕа киирбиттэрин, оҕолорун үлэлэригэр илдьэ сылдьалларын туһунан кэпсээтэ. Чааһынай эбэтэр ыраах баар уһуйааннарга күн аайы таһаллара дьиэ кэргэн дохуотугар улаханнык охсорун быһаарда.
Уһуйааны көрүү кэнниттэн А.А.Стручков чопчу дьаһаллары биэрдэ. Олортон биирдэстэринэн ОДьКХ өттүттэн итиини эбийиэккэ холбоон, иһинээҕи үлэлэри ситэрэ-хоторо туралларыгар уонна уһуйааҥҥа ылыллан баран миэстэ суох буолан дьиэҕэ олорор оҕолору атын детсадтарынан хааччыйалларыгар сорудахтаата. Суббэдэрээтчит «Котлы Севера» ХЭУо салайааччыта, Томпо Кириэс Халдьаайытын олохтооҕо Виктор Петрович Дьяконов тутуу хаамыытын үлэтин кэмигэр көрсүбүт кыһалҕатын эттэ. Ол курдук иһинээҕи сантехника үлэтин кэмигэр оҥороору Ытык Күөлгэ уонна Төҥүлүгэ тутуллар уһуйааннарга холбоон 12 мөл. 700 тыһ. солк. иэс киирбитин, билигин үс ыйга бааҥҥа төлүү илигин туһунан иһитиннэрдэ. Бу үөскээбит балаһыанньаҕа көмөлөһүҥ, быһаарыҥ диэтэ.
Бу курдук былаас уонна уопсастыбаннас өттүттэн далаһа ууруллан, «бытыга уһаары» гыммыт уһуйаан кыһалҕата миэстэтигэр көрүлүннэ.
Ааптар: С.ХАЛГАЕВА, http://ulus.media