Ытык Күөлгэ 10 кВ күүрүүлээх уот линията өрөмүөннэнэр

Тааттатааҕы РЭС энергетиктэрэ Ытык Күөл өттүн хааччыйар 10 кВ күүрүүлээх уот линиятын өрөмүөннүү сылдьаллар, диэн «Таатта» хаһыат суруйар.


2020 сыллааҕы инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн Ытык Күөлгэ 10 кВ күүрүүлээх линия өрөмүөнэ быйыл кулун тутар 1 күнүттэн саҕаламмыта. Билигин энергетиктэр уопсайа 118 баҕананы туруораллар, ону таһынан 18 км усталаах СИП-боруобаты тардаллар, диэн Киин электрическэй ситим пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

 

Уот линиятыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллар буолан, Ытык Күөлгэ уот бэриллиитэ хааччахтанар. Оһолтон сэрэхтээх буолуу быраабылатын быһыытынан, ханнык баҕарар таҥар үлэни уот ситимин арааран баран биирдэ оҥороллор. Энергетиктэр бу ый бүтэһигэр диэри уоту хааччахтыыр үлэни түмүктүүр былааннаахтар. Бөһүөлэккэ уот линиятын өрөмүөнэ 2020 сыл муус устар ыйыгар бүтүөхтээх.

Тааттатааҕы РЭС салайааччыта Ислам Сейдалов: «Киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылла турар буолан, уоту хааччахтыырга күһэллэбит. Бу болдьоҕу эрдэттэн Ростехнадзорга, улуус уонна нэһилиэк баһылыктарыгар, олохтоох дьаһалтаҕа, ОДьКХ тэрилтэлэригэр, биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа көрдөрөн бигэргэппиппит. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн уот барар болдьоҕор биир аадырыс иккитэ киирбэт. Күндү Ытык Күөл олохтоохторо, уот линиятын өрөмүөнэ бөһүөлэккэ электричество бэриллиитин тупсарар аналлааҕын өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүт», – диэн бэлиэтээтэ.

Источник: https://ulus.media/2020/03/17/ytyk-k-lge-ty-yynchanan-uot-laampata-sa-alyy-sandaarya/

This post was published on 17.03.2020 16:42 16:42