Дьокуускайга ыттаах хаһаайыттарга өйдөтөр, быһаарар үлэни ыытар рейдэлэр буола тураллар. Ол курдук, бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын исписэлиистэрэ уонна бэйдиэ сылдьар ыттары кытта үлэлэһэр сулууспа анал рейдэҕэ Автодорожнай уокурукка сырыттылар.
Аҕыйах чаас иһигэр хаһаайыннаах икки ыты Иван Арбита уонна Автомобилистар уулуссаларыгар тутан, Очиченко уулуссаҕа баар ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа илдьибиттэр. Тутуллубут ыттар хаһаайыттара административнай эппиэтинэскэ тардыллан ыстараап төлүөхтэрэ.
Автодорожнай уокурук салайааччыта Николай Обоюков иһитиннэрбитинэн, кэнники кэмҥэ хаһаайыннаах эрээри, босхо сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһүүлэрэ элбээбит. «Бэтэринээрийэ департаменын кытта маннык чахчылары бэрэбиэркэлиэхпит уонна эппиэтинэскэ тардыахпыт. Ыттаах хаһаайыттар ыты күүлэйдэтэр быраабыланы тутуһаргыт булгуччулаах», — диэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын 2014 cыл атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи 237 №-дээх уурааҕынан, ыты иитиигэ быраабыланы кэһии иһин ыстараап олохтоммута. Аны мантан ыла ыты бэйдиэ ыытыыга кытаанах хонтуруол ылыллан, ыттаах хаһаайыттары административнай миэрэҕэ тардар туһунан Дьокуускай куорат пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
© sakha-sire.ru сайтан
This post was published on 09.11.2022 13:33 13:33