Оҕо сылдьан табаҕа көһө сылдьыбыт кэмиҥ үйэ саас тухары умнуллубат үтүө өйдөбүл буолан хаалар. Ыстаадаҕа сылдьыбатах киһи ону билбэт. Манна олох үгэс буолбут тэтиминэн устар: бэйэтин туһугар эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да күчүмэҕэйдэрдээх, ыарахаттардаах. Ону ол диэбэккэ кыра саастарыттан табаҕа сылдьыбыт оҕолор үөрэх дьыла түмүктэннэ да, үөрүүлэрин кытта сааскы көһүүгэ дьоннорунаан тахсыһаллар.
Улахан кылаас оҕолоро сайын ортото бөртөлүөтүнэн ыстаадалар туундара саҕатыгар тиийэллэрин саҕана табаһыттарга көмөлөһө тахсаллар. Быйыл бөртөлүөт көтүүтэ халлаан туругуттан өр көппөккө арыый тутуллан, оҕолор хойутаан таҕыстылар. “Өлөөн” таба иитэр ыстаадаларыгар 7 үөрэнээччи бостуук тахсан, улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ сылдьаллар. Билигин сайыҥҥы сынньалаҥы кытта табаһыт көмөлөһөөччүтэ буолан үлэлэрин үгэнэ.
Саас төрөөбүт тугуттар бороохтуйуулара, табаһыттар туундараҕа көһөллөр. Оҕолор түүн таба кэтээһиҥҥэ наставник опыттаах табаһыттары-төрөппүттэрин кытта дьуһуурустубалыыллар. Сайыҥҥы түүннэр сырдыктар, туундараҕа туох барыта ырылыччы көстөр, табалар сыһыыларга тарҕаан, сайыҥҥы сөрүүн түүннэргэ холкутук мэччийэллэр. Түүн ортото буолуута табалар сытан, аһаабыт астарын иҥэринэн, кэбинэ-кэбинэлэр уһуннук сынньаналлар. Туундараҕа от-мас суох буолан, үрдүк сиргэ табаны мэччитэр буоллахха, тыаллаах буоллаҕына түүнүн кумаара аҕыйах буолар. Ол кэмҥэ табаһыт уот оттон чэй сылыттан чэйдээн күөх окко таалалаан сытан сынньана түһэр, иккис киһи табаһыт доҕоро табаһыт ыт мэлдьи баар, таба үөругэр куттал — бөрө баар буоларын табаһыкка биллэрэр. Сотору сарсыарда буолан, күн үөһээ ойуута табаһыт ытын кытта үөр табатын туруортаан, хомуйан балааккаҕа илдьэллэр. Үөр таба тыаһаан-ууһаан чугаһаан иһэрин иһиллииргэ олус да үчүгэй буолар. Кутаа минньигэс сытын ыллылар да, табалар балааккаҕа, ураһаҕа бэйэлэрэ дьулуһаллар.
Сайын ыам бырдаҕа түһүүтугэр табаларга саамай ыарахан кэмнэр үүнэллэр. Бырдах тутан сиириттэн урукку кэмҥэ табалары сииктээх көппөҕүнэн буруолатар буолаллара, билигин аныгы кэм буолан араас кумаар эмэ-томо элбэх.
Туундараҕа табаһыттар биир сиргэ сайынын уһуннук олорботтор. Сотору-сотору, иккилии хоно-хоно көһөллер. Көһүү бэйэтин туһугар судургута суох дьарык. Манна көһөөччү элбэх күүһүн-сэниэтин уурар. Ол тоҕо икки хоно-хоно көһөллөрүй диэн ааҕааччылар, билбэт дьон ыйытыахтарын сеп. Сирдэригэр-уоттарыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһар буолан, мэччирэҥнэрин үлтү тэбистэримээри, олохсуйар сирдэрин энчирэтимээри көс олохтоноллор. Уолаттар бостууктары кытта көһөргө ыырдыллар табалары маамыкталыыллар, дьиэ үлэһиттэрэ матаҕаларыгар таҥастарын-саптарын, араас наадалаах малларын-салларын хааланаллар, иһиттэрин-хомуостарын хаалыыр анал дьааһыктарыгар угаллар. Ону ырдыыларыгар кэлтэгэйдээбэт гына тэҥ ыйааһыннаах буоларын курдук оҥороллор. Биир өттө таҥнары тарда сылдьыа суохтаах. Матаҕалары үгэс курдук дьиэ үлэһиттэрэ бэлэмнииллэр, матаҕалар олус ыарахан буолуо суохтаахтар, уһун унньуктаах көһүүгэ таба сэниэтэ эстибэтин наадатыгар. Ити курдук табаһыттар көһүүгэ дьаныардаахтык бэлэмнэнэллэр. Көһүү буоллар эрэ ындыылаах табалар уһун субурҕанан кэчигирэһэн туралларын көрөр олус долгутуулаах уонна көхтөөх буолар. Ырдыылаах көс саамай бүтэһигэр балаакка ураҕастарын соһор табалар бааллаллар. Биир дьиэ үлэһитэ 10-15 ырдыылаах табаны сиэтэр. Көһүү кэмигэр туох барыта орун оннугар уонна бэйэтин аналыгар сөп түбэһэр, оннук урут уруккуттан олохтоммут бэрээдэк. Бу көһүү культурата диэн ааттанар.
Ыстаадаҕа сайынын итиигэ, кумаарга көһүү ыарахаттардаах, ол иһин сынньалаҥ күннэргэ оҕолор бэйэлэрин санааларынан туундара киэҥ дуолугар сибиэһэй салгыҥҥа сыннньаналларын сөбүлүүллэр, мээчиктииллэр, “Лансат” тэриэлкэлэрин туруорунан интернеккэ киирэн сонун ааҕаллар, ватсабынан суруйсаллар, киинэ көрөллөр, кинигэ ааҕаллар, кыра кыргыттар үрэх кытылыгар киирэн таастарынан көс ыал буола оонньууллар, улахаттар маамыкталарын субуйан, ийэлэригэр ыаныллар табалары тутан биэрэллэр, кыргыттар ас астыырга көмөлөһөллөр. Ардахтаах күн буоллаҕына улахан оҕолор упчаары (туундараҕа мас үүммэт, ол иһин силбик күннэргэ хаппыт маһы) хомуйаллар, сорохтор балыктыыллар, көбүс көнө китиэмэҕэ футболлаан, волейболлаан да ылаллар. Итинник оҕолор ыстаадаҕа биир күннэрэ туһалаахтык ааһар.
3 №-дээх ыстаадаҕа дьиэ үлэһитэ Мария Полуэктова соторутааҕыта бөртөлүөтүнэн уоппускаҕа киирбитэ. “Биһиги 3 №-дээх биригэдьиир Иванов Егов Дмитриевич биригэдьиирдээх ыстаадаҕа сылдьабыт. Бэс ыйын саҕаланыыта сааһыыр сиртэн көһөн, билигин дьоммут туундараҕа бааллар. Нуорма быһыытынан ыстаадаҕа 5 табаһыт, 2 дьиэ үлэһитэ үлэлиир, 3 оскуола оҕото тахсан көмөлөһөллөр. Билигин улахан Ыстаарай үрэх баһыгар тиийэн көһө тураллар. Быйыл сайын кэлиитэ сөрүүн күннэр турдулар, онон табаларбыт уойуулара үчүгэй” – диэн кэпсиир Мария.
Мария быйыл сайын туундараҕа эмискэ омук сириттэн сылдьар ыалдьыттаммыттарын кэпсээтэ. Саха сиригэр 10-тан тахса сыл соҕотоҕун сылдьан хайалары үөрэтэр учуонай, айанньыт, Матек Бешта тиийэн кэлэн соһуппут. Ыраах туундараҕа туох да айан-сырыы суох сиригэр атын сатыы киһи кэлиэ диэн санааҕа да суох буоллаҕа. От ыйын 12-гэр Сааскылаахтан мотуорунан бырахтаран баран, кыра үрэхтэри эрэһиинэ тыынан устан, ардыгар сатыы хааман, 40-ча киилэлээх үрүксээгин сүгэ сылдьар. Туох баар таҥаһа, аһа, эрэһиинэ тыыта барыта ол биир үрүксээккэ батар эбит. Соҕотоҕун сылдьа, Саха сирин биир гына тилийэ хаампыт үөруйэх буолан туундараҕа оннук тиийдэҕэ. “Иридиум” диэн спутниковай сибээһинэн быыстала суох кэпсэтэр эбит. Нууччалыы олус бэркэ саҥарар, аһыыр аһа барыта ыйааһына суох хаппыт ас, биһиэхэ кэлэн ыстаада лэппиэскэтин сиэн, олус хайҕаан барда диир. Икки хонон баран, АЛРОСАлар бөртөлүөттэригэр диэри ыстаада уолаттара илдьэн биэрбиттэр. Онтон Куотуйкаан диэн үрэҕинэн Хатангаҕа устан, онтон көтөн дойдутугар Швейцарияҕа тиийбитин туһунан Мария сэһэргээтэ.
Сотору, атырдьах ыйын бүтүүтэ табаһыттар Ороһуоха үрэҕэр тиийэн сайыҥҥы маршруттарын ситиһэн, төттөрү туундараттан мас саҕатыгар киириэхтэрэ. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы каникуллара түмүктэнэн, “о5о бөртөлүөтэ” (үөрэнээччилэри бөһүөлэккэ киллэрэ көтөн кэлэр бөртөлөүтү уруккуттан итинник ааттааччылар) кэлэн үөрэнээччилэр киэҥ нэлэмэн туундараларыттан бөһүөлэккэ үөрэх дьылын көрсө киириэхтэрэ.
Вера Ларионова,
Сардана (Заря)