Ыстаҥаҕа Сибиир уола Дмитрий Бочкарев тэҥнээҕин булбата

Бэҕэһээ киэһэ «Туймаада» стадиоҥҥа саха национальнай көрүҥэр ыстаҥаҕа күрэхтэһии түмүктэннэ. Онно уолаттарга Сибиирдээҕи федеральнай уокурук спортсмена, тохсус кылаас үөрэнээччитэ Дмитрий Бочкарев 40.44 миэтэрэни түһэн, эрэллээхтик бастаата.


Киниэхэ лаппа сабырыйтаран саха хамаандатын лидера Дмитрий Дмитриев (38.77) иккис, азербайджан спортсмена Рустам Маммедов (38.10) үһүс миэстэ буоллулар.

Мин кыайыылаах Дмитрий Бочкареву кытта кэпсэттим.

— Дмитрий, бүгүн ыстаҥаҕа, бэҕэһээ кылыыга олус үчүгэй көрдөрүүлээх чөмпүйүөн буолбуккунан истиҥник эҕэрдэлиибин. Эн саха национальнай көрүҥнэринэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный?
— Икки ый буолла. Олус интэриэһинэй көрүҥ эбит. Бастаан ыарахан этэ, онтон үөрэнним. Аны куобахха киирсэн кыайар баҕалаахпын.
— Бу көрүҥҥэ аан бастаан киирсэҕин?
— Бастакы холонуум. Бэйэм сүрүн дьарыгым многоборье. Ол да буоллар саха ыстаҥатын сөбүлээтим. Эрчиллии кэмигэр көрдөрүүм мөлтөһүөр этэ. Биирдэ да 40 миэтэрэни кыайан ылбатаҕым. Бу күрэхтэһии эрэ кэмигэр эмискэ үчүгэйдик түстүм. Онтон олус астынным, үөрдүм. Инникитин да ыстаҥаҕа күрэхтэһэр санаа баар.
— Саха сирин оҕолоругар туһаайан тугу этиэҥ этэй?
— Мин кинилэргэ спорду сөбүлээн утумнаахтык дьарыктаныҥ диэн сүбэлиэм этэ. Спорт киһини күүстээх оҥорор. Уонна барыларыгар ситиһиини, кытаанах доруобуйаны!

This post was published on 14.07.2016 15:35 15:35