Ыраах сытар нэһилиэктэргэ уматыгы анал иһиттэргэ кутан тириэрдиллэр

Ыраах, суола-ииһэ суох нэһилиэктэр туттар уматыктарын тааранан тиэйэн илдьэллэр. Бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников Орто Халыматтан ыраах айан суоппара Сергей ыйытыытыгар хоруйдаата, суруйар СИА.


«АЗС суох сиригэр техника уматыгын тааранан таһабыт. 2014 сыллаахтан толкуйданан үлэҕэ киирбитэ. Манан «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ Дьокуускайга кииннээн дьарыктанар. Сайаапка быһыытынан үлэ барар. Ол эбэтэр оройуон киининээҕи нефтебаазаҕа баар уматык сыанатынан ыраах сытар нэһилиэктэргэ тириэрдэбит», — диэтэ Алексей Колодезников.

Кини бэлиэтээбитинэн, наадыйыы улаатыытынан экологическай хонтуруол үлэтигэр эмиэ болҕомто ууруллар.

«АЗС тутуохпут, ити эрээри олус көхтөөхтүк буолбатах, тоҕо диэтэххэ ыраах, суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ ороскуота элбэх, ол барыта уматык сыанатыгар охсор. Онон нэһилиэнньэни хааччыйыыга уматыгы иһитинэн таһар механизмы үлэлэтэбит», — диэтэ салайааччы.

This post was published on 08.02.2021 10:01 10:01