26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Ыраах, суола-ииһэ мөлтөх сирдэргэ 59 000 тахса киһи биэрэпискэ кытынна

13:01, 29 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр ыраах, суола-ииһэ мөлтөх сирдэргэ нэһилиэнньэ биэрэпиһэ салҕанан ыытыллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр биэрэпиһи суруйааччылар 17534 дьиэни кэрийдилэр, 59293 киһини суруйдулар. Бу балаҕан ыйыгар бэлиэтэниэхтээх нэһилиэнньэ уопсай ахсааныттан 92,6 %, Сахастат суруйар.

15 муниципальнай оройуон ыраах, суола-ииһэ мөлтөх сирдэригэр биэрэпис ыытыллар. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Таатта оройуоттарыгар тустаах тэрээһин түмүктэннэ. Горнай (96,5%), Ньурба (96,1%), Өлөөн (89,6%), Сунтаар (87,8%), Томпо (88,4%), Уус-Алдан (93,0), Хаҥалас (88,9%), Эбээн-Бытантай (89,7%) улуустарыгар салҕанан барар.

Дьааҥы уонна Кэбээйи оройуоттарыгар биэрэпискэ нэһилиэнньэ барыта хабыллыахтаах, манна 73,7% уонна 92,3% киһи ыйытылынна, туһааннааҕынан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА