Артыыска Маргарита Борисова туһунан Надежда Егорова-Намылы «Ыра санаа ыллыгынан» диэн кинигэтэ киэҥ араҥаҕа тарҕанна.
Маргарита Борисова уонна Надежда Егорова хас да сыллааҕыта, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, бу кинигэ суруллуохтааҕын туһунан салгыҥҥа сатарытан ааспыттар эбит. Намылы Маргарита Борисоваҕа: «Биир эмэ артыыска туһунан сэһэн суруйуохпун баҕарабын. Онно сөбүлэһэр ким эмэ баара буолуо дуо?» – диэн ыйытыы биэрбиттээх.
Надежда Саха театрын эйгэтин өрүү сырдатар, ис иһиттэн тартаран, биир да испэктээкил премьератын көтүппэт киһи, ити баҕа санаатын дууһатыгар иитиэхтээн сылдьыбыт. Дьиктитэ баар, суруналыыс, үгүс атын артыыһы кытта алтыһар киһи, бу этиитин кимиэхэ баҕарар быктарыан сөбө. Биирдэ аатырбыт артыыска суруналыыһы театрга көрсөн: «Эн миэхэ артыыс дьылҕатын туһунан кинигэ суруйуоххун баҕарарыҥ туһунан этии киллэрэ сылдьыбытыҥ. Арааһа, ол түгэн тосхойдо быһыылаах. Хайыаҥ этэй?» — диэн ыйыппыт. Сотору буолаат, икки айар куттаахтар сүбэлэрин холбоон, бииргэ үлэлээбитинэн барбыттар.
Ол түмүгэр саха аныгы литературатыгар бэрт сонун сүүрээн быһыытынан дьикти айымньы айыллан таҕыста. Кинигэттэн биллэххэ, Маргарита Борисованы кытта суруналыыс алтыспыта ырааппыт. Ол да иһин, бэйэтин интервьюларыгар олоҕуран, актриса тус олоҕун барытын кэриэтэ билбит киһи буоларын быһыытынан, арааһа, сэһэн суруйар баҕатын быктардаҕа.
Дьиҥинэн ыллахха, хас биирдии киһи олоҕо туспа кинигэ буолан тахсар сэһэн дуу, роман дуу буоллаҕа эбээт. Ол, биллэн турар, эйигин таба өйдүүр, дууһаҥ ис кылын таарыйар, уустаан-ураннаан суруйар тыл маастарыгар таба тайаннахха эрэ, айымньы буолан тахсар буоллаҕа. Маргарита Борисова Намылыга таба тайаммыт.
Ааттаах-суоллаах артыыс бу кинигэ тахсарыгар бэйэтэ да эрдэттэн бэлэмнэммит курдук. Хас биирдии кини туһунан ыстатыйаны, араас кэмнэрдээҕи хаартыскалары наардаан, сыа-сым курдук тутан уура сылдьыбыта, кинигэ тахсарыгар төһүү күүһүнэн буолбута саарбаҕа суох. Ол аата кини бэйэтин үөһэттэн айдаран кэлбит олоҕун туһунан кинигэ хайаан да суруллуохтааҕар эрдэттэн бэлэмнэммит курдук.
Кэрэхсэбиллээҕэ, Намылы артыыс олоҕун хас биирдии суолталаах түгэнин философскайдыы анааран түмүктүүр. Холобура, «Оҕобун Тимирхан диэн ааттыам» диэн эдэркээн кыыс ыра санаа оҥостубут эбит. Ол баҕа санаата кини сиэнинэн, Маргарита Борисова олоҕун салҕааччытынан туолбут. Кырачаан киһини төрөппүттэрэ Тимур — Тимир Хаан диэн ааттаабыттар. Бу сонуну истээт: «Дьикти ээ, ардыгар олоҕу бэйэҥ да билбэккинэн быа ситиитин курдук бэйэҥ ситимниигин…» – диэн Маргарита Михайловна эдэр сааһын эмньик кэмнэрин санаан ылар. Ити курдук, Саха театрын артыыһа Маргарита Борисова тус олоҕо сэһэн жанрынан арыллан, кини ыра санаатын ыллыга уһун олох айанын суолугар сирдээн иһэрин, киһи биир тыынынан ааҕан кэбиһэр.