Ылыахтаах биэнсийэм кээмэйин хайдах улаатыннарабын

Хаартыска: ЯСИА саайта

Страховой биэнсийэ кээмэйэ биэнсийэ коэффициена төһө мунньуллубутунан уонна эбии төлөбүр көрүллүөн сөптөөҕүнэн быһаарыллар. Госуслуги портал телеграм-ханаалыгар биэнсийэ кээмэйин хайдах улаатыннарыахха сөбүн кэпсээтэ.

Официальнайдык үлэлиэххэ

Үлэ дуогабарынан эбэтэр ГПХ-нан үлэлиир буоллаххытына, үлэни биэрээччи эһиэхэ страховой усунуос төлүүр, ол кэлин тус биэнсийэ коэффициеныгар ааҕыллар (ИПК). Официальнай хамнаһыҥ төһөнөн улахан да — ИПК улаатар, ону кытта тэҥинэн биэнсийэ суумата. Коэффициеныҥ төһөтүн тус счеккар көрүөххүн сөп.

СФР-га баҕа өттүгүнэн усунуос ууруоххун сөп

Бу көрүҥ үлэ дуогабара суох үлэлээччилэргэ барсар. Холобур, ИП, самозанятай эбэтэр үлэтэ суох киһи. Усунуос саамай кыра суумата 2024 сылга ыстааска киирэрэ — 50 798,88 солк, манна 1,036 ИПК эбиллэр. Саамай муҥутуур усунуос — 406 391,04 солк (8,292 ИПК).

Биэнсийэ анатыытыгар

Страховой биэнсийэни биэнсийэҕэ тахсар сааһыҥ туолбутун кэннэ биир сыл тохтотон баран оҥортордоххо, ИПК-ҕа уонна фиксированнай төлөбүргэ үрдэтиллибит коэффициент туттуллар, уһатыллыбытын иһин. Холобур, 12 ыйга «отсрочкалаттаххына» үрдэтиллибит коэффициент фиксированнай төлөбүргэ — 1,056, ИПК — 1,07. Оттон 10 сылга уһаттаххына коэффициеннар 2,11 уонна 2,32. Ол эбэтэр «отсрочканан» сибээстээн, биэнсийэҥ икки төгүл улаатыан сөп.

This post was published on 28.03.2024 15:33 15:33